ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньирэй

аат тыл

Нууччалыы телёнок.

English calf, veal

1 аат тыл #

Ынах оҕото (үксүгэр төрөөбүтүнэн эбэтэр маҥнайгы ыйдарыгар)

Нууччалыы Телёнок. Дьахталлар ынахтарын ыан бүтэрэн, ньирэйдэрин холкуос бүтэйигэр ыыталлар. Амма Аччыгыйа. Сүүһүгэр туоһахталаах кугас ньирэйдэрин олбу-солбу көтөҕөн -- биэрэк диэки дьүккүһэн истилэр. Н. Заболоцкай. Күөл кытыытыгар өрүөлээх ньирэйдэр мэччийэн сырсан бытарыһаллар. М. Доҕордуурап

2 этии #

Ньирэйгэр түс - кыра оҕо курдук буол Дархан, олох аһыытын-ньулуунун билбит кырдьаҕас киһи, бэйэтэ оҕотун уоскутуон оннугар, дьэ, ньирэйигэр түһэн, ытаан бопторон, бүгүллэҥнии олордо. Софр. Данилов

Нууччалыы Вести себя как ребёнок (букв. впадать в телячье состояние)

3 этии #

Нууччалыы Телятник, телятница, работник по уходу за телятами

Этиилэр

Уу ньирэй көр уу

  • [Биһиги] бүгүн, бэҕэһээ төрөөбүт, уоһахтаах уу ньирэй оҕолор буолбатахпыт.
    Эрилик Эристиин
  • Ол Харачаас баҕайыны харыстыам дуо?! Бу үлүгэр булкууру кинилэр оҥорон, соҕотох уолум, ити уу ньирэй оҕолорун быраҕан, хара тыаны сирэйдэннэ. Пьесалар-1954. Ср. монг. нярай ‘родившийся недавно’

«НЬ» буукуба