ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оҕокко

аат тыл

Нууччалыы младенец; ребёнок

English baby, child

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы младенец; ребёнок

English baby, child

  • Оҕокком!
    Дитя моё!My baby! / My child!

2 #

эб

  • Оҕоккойум, биэбэккэйим! Мин этэр тылбын Өйдүөн истэн тур эрэ! Ньургун Боотур. Оҕоккойум, утуй! Туох да уйгуурпатын Эн уугун. Эллэй. "Аата, көмүспүн, оҕоккобун, көрүөм баар эбит ээ", – диэн Мугучай албын куолаһынан ымманыйда
    Эрилик Эристиин

3 #

Атаахтатар, таптыыр, манньыйар сыһыаны көрдөрөр

Нууччалыы Выражает уменьшительно-ласкательное отношение говорящего к кому-л

4 #

Сөҕөр-махтайар сыһыаны көрдөрөр

Нууччалыы Выражает восхищение, восторг говорящего в отношении кого-чего-л

  • Оо, сундулуйан сылгы да оҕоккото этэ буоллаҕа, мин көҕөччөрүм.
    Амма Аччыгыйа
  • Киил оҕонньор күтүөтүн батыһа көрөн хаалла: "Эчи чэпчэкитин, кыанарын оҕоккотун!"
    Н. Лугинов

«О» буукуба