ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

олом

аат тыл

Нууччалыы брод

English ford

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы брод

English ford

  • үрэҕи оломунан кэс
    перейти реку вбродto ford the river

2 аат тыл #

Ууну (хол., үрэҕи) кэһэн эбэтэр кэстэрэн туоруур үчүгэй үктэллээх (түгэхтээх) чычаас уулаах сир

Нууччалыы Брод. Үрэҕи оломунан кэс. Эмискэ хоһуун үрэх оломун көрө түспүтэ. Ол онно, ыраах, кимнээх эрэ олому туораан адаарыҥнаспыттара. Далан. Күһүҥҥү күн кинилэрдээҕэр ордук ыксыыр. Оломун туораан номнуо хонук сирин булара чугаһаабыт. "Кыым". Бука диэн бэйэ-бэйэҕититтэн хаалсымаҥ, оломун сыыһа барыаххыт. СГФ СКТ

3 этии #

Нууччалыы Заниматься чем-л. не к месту и не ко времени (букв. он сделал себе стрелу при переходе через речку вброд)

  • Олом үрдүгэр оноҕос оҥостуммут - табыгаһа суох кэмҥэ тугунан эмэ дьарыктан Олом үрдүгэр оноҕос оҥостуммукка дылы. Өс хоһ. Оломун булбакка (билбэккэ) эрэ ууга (ууну) кииримэ (кэһимэ) - үчүгэйдик билбэккэ эрэ сэрэхтээх суолу саҕалаама. Θ соотв. не зная броду, не суйся в воду. Ууну оломун булбакка эрэ кэһимэ. Өс хоһ. Эрдэттэн чинчилээн көрбүт ордук, оломун билбэккэ ууга кииримэ диэччилэр дии.
    В. Миронов
  • Тукаларыам, сахалар "оломун билбэккэ эрэ ууга кииримэ" - диэн этэллэр.
    И. Сосин
  • Оломун буллар - кимиэхэ эмэ тугу эмэ сиһилии, ыйан-кэрдэн биэр. Θ Хорошенько разъяснить кому-л. что-л. Ууһут ат оломун курдук - өйдөөхтүк, өйдөөн-төйдөөн. Θ Умный, сговорчивый и отзывчивый

4 этии #

Олох оломо - киһи дьылҕата, олоҕун суола Олохторун оломун Уҥуоргута көстүбүт, Кырдьан хаалбыт дьону кытта Кыҥкыйдаһар сыыһа. Күннүк Уурастыырап. Монг. олом

Нууччалыы Судьба, жизненный путь человека

«О» буукуба