ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чалым

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы неглубокий, мелководный

Ис хоһооно · 4
I

1 даҕааһын #

Чычаас (уу)

Нууччалыы Неглубокий, мелководный

  • Чаллыргыыр чалым уу, Күллүргүүр күөх далай.
    В. Кейметинов
  • Налыыга оҕолор уһун сайыны быһа чалбыыр, кумаҕынан будулуйар чалым уулаах.
    А. Сыромятникова
  • Чалым уунан халыйбыт хотооллору туораата
    Уустаах Избеков
Өссө холобурдар (2)
  • Дьон саҥата, эрдии тыаһа, уу чалыма үрэххэ туолла.
    Амма Аччыгыйа
  • Уу үрүҥ кыым буола бырдаҥалыыр. Күлсүү, ыһыы-хаһыы, уу чалыма
    Н. Габышев

2 аат тыл #

Уу ньуурун охсор тыас

Нууччалыы Шум от удара по поверхности воды, плеск

3 аат тыл #

Чычаас, чычаарбыт уу

Нууччалыы Неглубокая вода, брод, мелководье. [Алыһар] Иирэ талах кытылларга, Итии уулаах чалымнарга Кыракыйчаан күстэхтэри Кырыытыттан кыайталаата

  • Ср. ног. шалп-шылп, казах. шалп ‘звукоподражание плеску, всплеску волны, плесканию воды’
II

4 аат тыл #

, түөлбэ. Таба эбэтэр кыыл синньигэс оһоҕоһо

Нууччалыы Тонкая кишка у оленя или какого-л. зверя

  • Тимир оһох үрдүгэр буһа турар күөстэн буруолуу сылдьар таба этин, чалымы таһааран сыыһа-халты уобаат, таҥаһын үрдүгэр түстэ.
    Г. Нынныров
  • Чалымы тоҥортуу уурбуттара.
    А. Егоров
  • Табаҕыт эмис ини? Саатар чалымы ыраастаһыам этэ. А. Кривошапкин (тылб.)

«Ч» буукуба