Перевод с якутского
туора
даҕааһын, сыһыат, кэнники тыл, аат тыл
Нууччалыы иностранный
English foreign
Ис хоһооно · 13
1 даҕааһын #
Нууччалыы иностранный
English foreign
туора дьон иностранцыforeigners туора киһи көмөтө помощь постороннегоthe help of an outsider
2 сыһыат #
Нууччалыы поперёк
English across
туора түс упасть поперёк; перечитьto fall across, to oppose
3 кэнники тыл #
Нууччалыы поперёк, верхом
English across, astride
оҕуһу туора миин сесть верхом на быкаto sit astride a bull
4 даҕааһын #
Уһаты барар тугу эмэ быһа охсор
Нууччалыы Расположенный поперёк чего-л., поперечный
Бөһүөлэк ойуур иһигэр тутуллуо. Икки уһаты уулуссалары уонна хас да туора уулуссалары солонуллуо. Н. Якутскай Хотон баҕаналарын икки ардыларыгар саайыллыбыт туора маһы илиитин иминэн харбыалаһан булла. С. Никифоров Бэһис уруокка Петруша дьэ ити эҥин араас уһаты, туора тардыылары, төгүрүктэри быһааран билэр буолта. ОЛ ПА
Өссө холобурдар (3)
Иванов биир хайыһары ылан туора тута сытан, одуулаһан кыҥнаҥнаата. Амма Аччыгыйа Саадьаҕай ат оҕуһу туора мииммит саха киһитэ сайгыччы хаамтаран иһэр. И. Гоголев Бүлүүнү туора алта уон түөрт миэтэрэ үрдүктээх таас быһыт дьэндэйбит И. Данилов
5 даҕааһын #
Сүрүн буолбакка, ойоҕос өттүгэр сытар, баар
Нууччалыы Не главный, находящийся в стороне, второстепенный
Даша -- Ананий түөһүгэр сибэккитин саба быраҕаат, туора суолунан сүүрэн тэлээрэ турда. М. Доҕордуурап Сорох үүнээйилэри туора лабаанан ууһаталлар. КЗА АҮө. Туора үрэхтэр балыгынан баайдар Кыым Туората уон көстөөх, ортотугар туох да ото-маһа суох чыыстай дойду эбит. Ньургун Боотур. Үрдүгэ, киэҥэ, туората Маннык диэхпин билбэтим. Саха фольк
Өссө холобурдар (4)
Устата биллибэт, туората көстүбэт Улахан дойдуттан күн буолан күөрэйдин Күннүк Уурастыырап Мылахов Прохорыч оҕонньордуун, туора баран, тугу эрэ сибигинэһэн эрэллэр.
Н. ЛугиновЛиэкэр Сеня, саалаах саллааты көрөөт, туора ойбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалла. А. Сыромятникова Кини бүгүн кинигэтин туора ууран баран, сахалыы кэтэх тардыстан, хоһун үрдүн одуулуу сытта. “ ХС
6 даҕааһын #
Бэйэ киэнэ буолбатах атын, туохха эмэ тус сыһыана суох
Нууччалыы Чужой, посторонний
Кини санаатыгар туора дойду ото-маһа маннык -- киһи этин сааһынан сайар сыта суохха дылы. Л. Попов [Коля:] Биһиги үүппүт атын туора сыта, амтана суох буолуохтаах. С. Ефремов Бэрэссэдээтэл миигин, туора сиртэн кэлбит киһи диэн, тоҥкурууннук көрсүбэтэ А. Бэрияк
7 даҕааһын #
Сиэри таһынан, толоос, мөкү
Нууччалыы Не соответствующий общепринятому порядку, дурной, плохой
Луодур туора быһыытын Дьоҥҥо сирэн туойабын. Күннүк Уурастыырап [Октябрина:] Кэнчээри, аны уларыйан туора санаалар киирээйэллэр. М. Попов Кырдьык, кини -- харахха быраҕыллар туора кэмэлдьитэ суох курдук Кыым
8 аат тыл #
суолт. Туох эмэ кэтитэ, кэтит өттө (тардыы сыһыар-х тут-лар)
Нууччалыы Размер в ширину, ширина, поперечник чего-л. (использ. в притяж. ф.)
9 сыһыат #
Уһаты буолбакка, туохха эмэ мииннэри, уһаты барар тугу эмэ быһа охсон
Нууччалыы Поперёк, по ширине чего-л
10 сыһыат #
Атын сиргэ, киэр, тэйэ
Нууччалыы Дальше от какого-л. места, в сторону, прочь
11 этии #
Нууччалыы соотв. (какая) муха укусила (букв. в него вселился поперечнорогий)
Этиилэр
Иһигэр туора муостаах киирбит
олус күүскэ кыыһырбыт, абарбыт Куобах Бөтөҕөтө оҕонньор иһигэр туора муостаах киирэр, хааһы курдук үлтү бутуллан хаалар.
"Бүгүн эн искэр туох айылаах туора муостааҕа киирдэ?" – Лев Яковлевич, суоһурҕанан, саба саҥараары гыммыта. Р. Баҕатаайыскай
Күнүн туора охтуо дуо көр күн
Күөмэйигэр туох эрэ туора турда көр күөмэй
Күөмэйигэр туох эрэ туора турбутунуу, харан хаалла. М. Доҕордуурап
Сыта (кэдэрги, сытыйа, туора) бай көр бай I
Туора быһыылан
кэдэрги майгылан, толоостук тутун, үгэс буолбут сиэри кэс.
Проявлять грубость, грубо нарушать общепринятый порядок.
Исидор мэниктиир диэни билбэт, туора быһыыланары букатын сөбүлээ бэт. ХС
Туора илиигэ киирбит
атын, туспа дьон дьаһалыгар, көрүүтүгэр сылдьар.
соотв. попасть в чужие руки.
Тулаайах оҕо буолан, Туора илиигэ киирэн, -- Уҥуоҕу көмүллээбитим. Н. Тарабу кин.
Туора көр
кими эмэ сөбүлээбэккэ, абааһы көрөн, атаҕастаа, туорат.
Относиться к кому-л. с неприязнью, затирать, зажимать кого-л., косо смотреть на кого-л.
[Бырдаахап:] Туома, эйигин олус туора көрбөт киһилэрэ буолуоҥ. Н. Неустроев Куоратымсытан туора көрбөттөр. П. Аввакумов
Туора кулгаах истибэтин диэн
атын киһи билбэтин-көрбөтүн курдук.
Чтобы чужие, посторонние люди не узнали.
Бечичев аргыый аҕай, туора кулгаах истибэтин диэн, сэрэнэн кэпсии турар. П. Филиппов
Туора сот
тугу эмэ суох оҥор, ылан кэбис.
Вычёркивать, удалять, исключать что-л.
Биһиги киһи биир итэҕэстээҕин көрдүбүт да, кинини куһаҕаҥҥа киллэрэн, туора сотон кэбиһэбит.
Н. ЛугиновАрассыыйа саҥа ылыллыбыт Төрүт Сокуона ол Дуогабар сүрүн балаһыанньаларын туора соппута. Н. Борисов
Туора сыдьаан көр сыдьаан I
Туора сыдьааннары -- кытта охсуһууга сыра-сылба эһиннэ. Далан
Туора тот (уой, туол)
сыта (кэдэрги, сытыйа, туора) бай диэн курдук (көр бай I).
Туора топпут, уһаты байбыт (өс ном.). Ол туора туолбут атыыһыттар даҕаны өрөбөлүүссүйэ буолуоҕуттан ыла кумуна туттар буолбуттара. А. Сыромятникова Куома манна таах, туора уойа сыппыт ээ, быһыыта. Д. Таас
Туора тур (хаамп)
туохтан эмэ тэйиччи туттуна сырыт, туохха эмэ кыттыма, кыттыһыма.
Стоять, держаться в стороне от чего-л., не принимать непосредственного участия в чём-л.
Доҕор тойон эрдэҕинэ Тоҥхойорго бэлэмнэр, Тохтуур күнэ кэллэҕинэ Туора хааман биэрэллэр. Күннүк Уурастыырап Сымыраахап -- туой бары саҥаттан, бары саҕаланан эрэртэн туора хаамара. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Киһи ити үлүгэрдээх буолбутун кэннэ туора турар табыллыбат. ХС
Туора түс
кимиэхэ, туохха эмэ мэһэйдэс, утарылас.
Мешать кому-л., противодействовать, противиться чему-л.
Дьиҥэр, кэлээт даҕаны, Көкөккө бара сылдьар санаалаах этэ. Ону Сүөдэр Сүөдэрэп туора түспүтэ. Н. Босиков Ийэлээх аҕата кыыстарын дьулуһуутун туора түспэтилэр, көҥүллээн үөрэххэ ыытан кэбистилэр. ПНИ АДХ
Туора харах
1) фольк. остуоруйа кыыллара киһини ааттыыр тыллара.
Название человека в речи животных-персонажей сказок.
"Туора харахтан мин куттаныам дуо, хата, мин кинини сиэн аһылык оҥостобун", – диэн этэр эһэ. Саха ост. I. [Эһэ] биир Туора Харахтан мүччү көттүм ээ дии санаан истэҕинэ, иннигэр бу иккис Туора Харах турар. Далан; 2) атын киһи көрүүтэ, санаата. Чужой взгляд. Туора харах булугас. Маннык санаа баһыйдаҕына, Елена Андреевна кэтит сүүһүн быһыта сүүрбүт биллэ-биллибэт сурааһыннар -- туора харахха чуолкайдык көстөргө дылылар. А. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Бэйэбит таҥаспыт эмиэ хараҥа, онон туора харахха ылбычча көстүбэт дьоммут. С. Никифоров
12 этии #
Нууччалыы Медведь. [Колобок – эһэҕэ:] Эн баҕас, туора баппаҕай, хантан миигин кыайан сиэтэҥий?
Этиилэр
Туора баппаҕай
эһэ ЗМП Х.
Туора киһи (дьон)
бэйэ уруута-аймаҕа буолбатах, атын төрүттээх-уустаах, туспа киһи.
Посторонний, чужой человек.
[Оҕолор] туора киһи киирбитин атыҥыраан, ийэлэрин тула үмүөрүһэн, -- оҥоччу көрөн турдулар. Н. Якутскай Дьоллоох дьоннор туора дьон туох дии саныылларыгар кыһаммат буолаллар эбит. Л. Попов
Туора күрдьэх көр күрдьэх
Ньукуус туора күрдьэх сигэлии олорон кыратык киҥинэйэн ыллыыр. Эрилик Эристиин. Ыаллар тиэргэннэрин күрдьэн, туора күрдьэх тыаһа талырдыыра. Айталын. Туора муостаах кэпс. Ү– ынах сүөһү.
Крупный рогатый скот.
Ойуур ортотугар олорбут мин дьоннорум Тура-тура туора муостаах туһа диэн Туруулаһан үлэлииллэрэ. "Чолбон. "
Туора салаа көр салаа II
Ол туора салаа үрэҕи батыс. Ср. тув. доора ‘поперёк, поперечный’, алт. туура ‘ширина’, уйг. тоҕур ‘поперёк’
13 аат тыл #
, хаарты. Үс хара сэбирдэҕинэн кириэстии ойууламмыт хаарты улууһа
Нууччалыы Трефы (карточная масть)
Буугунай, чиэрбэ эбэтэр туора түстэҕинэ, кини [Балааҕыйа] үөрэ түһэр. Г. Угаров Дөрүн-дөрүн сибигинэйэ былаастаан саҥарсаллар: "Хотуннар, сабабын, эйиэхэ түһэбин, туоралар, буугунайдар…". А. Куприн (тылб.)