Перевод с якутского
күрдьэх
аат тыл
Нууччалыы лопата.
English shovel, spade, dig
1 аат тыл #
Тугу эмэ (буору, хаары) хаһар, баһар сытыы лэппэгэр эбэтэр уһуктаах төгүрүк төбөлөөх уһун укка олордуллар туттар тэрил
Нууччалыы Лопата. Куһаҕан Хочугур күрдьэҕин тайахтанан баран, сэргэни өрө көрөн турбут. Саха фольк. Дьөгүөссэ кэнниттэн Даайыс күрдьэх тутан тахсар. А. Софронов. Күндүл хоту тыатын иһэ мас кэрдэр сүгэ, буор хаһар күрдьэх, хойгуо тыаһынан туола түспүтэ. Күннүк Уурастыырап. Ср. тюрк. күрэк 'лопата'
2 этии #
Нууччалыы Деревянная лопата, предназначенная для сгребания навоза
Мас күрдьэх - хаптаһыны аҥаар өттүн салбахтыы кыһан оҥорбут күрдьэх (ынах сааҕын күрдьэргэ аналлаах) Саах күрдьэр мас күрдьэх. Мас күрдьэҕи эргитэ туппут курдук икки сирэйдээх дьоннор бааллар. Амма Аччыгыйа Тимир күрдьэх - тимиртэн оҥоһуллубут күрдьэх, лаппаакы. Θ Железная лопата. Эдэр тойон аҥаар илиитигэр чаанньыгы, аҥаарыгар тимир күрдьэҕи туппутунан даллайан туран хаалбыт. Софр. Данилов. Дьиэлээх тойон, Баһылайы ыҥыран ылан, баһымньыларда, тимир күрдьэхтэрдэ бэлэмнээ диэн соруйда. С. Никифоров
Өссө холобурдар (4)
Туора күрдьэх - үксүн паньыараттан оҥоһуллубут, хаар күрдьэр кэтит күрдьэх. Θ Широкая лопата из фанеры для сгребания снега. Ньукуус туора күрдьэх сигэлии олорон, кыратык киҥинэйэн ыллыыр. Эрилик Эристиин Хотуок тула күрдьүккэ туруору анньыллыбыт туора күрдьэхтэр курдук сырдатар модун прибордар саллаһан көстөллөр. С. Руфов Хоппо күрдьэх - 1) ойбон алларарга муус бытархайын баһар төгүрүктүҥү уһун ньолбуһах хаһыылаах мас күрдьэх. Θ Большая деревянная продолговато-круглая лопата для выгребания из проруби мелкого льда (особенно когда делают новую прорубь). "Бу уол иирдэ дуу, киһини буруонан тумнараары гынна!" - дии түстэ Көлөпүнэ уонна сөтөллө-сөтөллө, хоппо күрдьэх саҕа ытыһынан атын үлүгэрдик сапсыйан нэлэҥнэттэ. Н. Заболоцкай; 2) муҥха балыгын баһар күрдьэх. Θ Лопата, используемая при дележе добытой неводом рыбы. [Ньургун Боотур] Эриллэҕэс тиитим орто дүлүҥүн Оломооттоон ылан олорпут курдук, Эриллэ дапсыл харылаах эбит -- Кумуулаах оҕуруктаах хоппо күрдьэх саҕа Куораан далай ытыстаах эбит.
П. ОйуунускайБайбал оҕонньор хайыр муус үрдүгэр мэндэллэн туран, балыкка кыырт курдук түспүт дьону, саҥата-иҥэтэ суох, хоппо күрдьэҕинэн аргыый аҕай дуксуйан испит. А. Бэрияк