Перевод с якутского
тибилий
туохтуур
Нууччалыы энергично, лихо рыть, копать, выкапывать
1 туохтуур #
Өрө баһан, харса суох хас (хол., буору), хаһан таһаар
Нууччалыы Энергично, лихо рыть, копать, выкапывать (напр., землю)
Кыракый кыыллар, мас көтөрдөрө тиэрэ тибилийэн таһааран сиэн тобугураппыт тоҥ отоннорун тобоҕо хаарга төкүнүһэн сыталлар. Амма Аччыгыйа Үһүө буолан күрдьэҕинэн буору хаһан тибилийэн бардылар. С. Никифоров Лада [ыт] илин атаҕынан харса суох тарыйан, сири хаһан тибилийэн барда. М. Прилежаева (тылб.)
2 туохтуур #
Элбэхтик кэл-бар; үлтү кэс, тэбис
Нууччалыы Много и часто ходить, ездить взад-вперёд (по одной дороге, местности); вытоптать, изъездить
Бу ыалым кууруссалара дьаабаллар оҕуруоппун үлтү тибилийэн өлөрдүлэр дии. Амма Аччыгыйа Лампаарыкы уруккута даҕаны аттаах бөҕө аарыгырбыт, тиҥилэхтээх бөҕө тибилийбит, аатырбыт сайылык этэ. Далан Алааһы кыйа массыына, матасыыкыл тибилийэн көпсөлөөбүт суолунан матасыыкыллаах киһи -- хорохочуйан иһэрэ көһүннэ П. Аввакумов