ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түөр

туохтуур

Нууччалыы выкапывать с корнем, выкорчёвывать

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Төрдүттэн хоҥнор, силистэри ороон, хостоон таһаар

Нууччалыы Выкапывать с корнем, выкорчёвывать

  • Быйыл сайын Маайа кыыс муода идэлэннэ, күн аайы араас оттору, сибэккилэри силистэри түөрэн, дьиэтигэр аҕалар буолла.
    Амма Аччыгыйа
  • Дунаайдар, Дьарааһыннар иккиэн төһүүнэн биир чөҥөчөгү түөрэ тураллар.
    Күндэ
  • Тыраахтар баараҕай тииттэри эрийии тимир быанан холбоно-холбоно, силистэри түөрэн суулларыта тардан соһон күрүлэтэр
    М. Доҕордуурап

2 туохтуур #

Тугу эмэ төрдүттэн ыла суох оҥор, эс

Нууччалыы Уничтожать что-л. до основания

  • Кулуттар бастаанньалара кулуттааһыннаах тутул силиһин түөрбүттэрэ. ДИМ. Ол иһин бардам күүс дохсуна Баай аймах батталын түөрбүтэ, Баттаммыт дьадаҥы долгуна Кыайан, дьэ, кыра дьон үөрбүтэ
    Эрилик Эристиин

3 туохтуур #

Тугу эмэ төрдүгэр тиийэ хаһыс, быһаар

Нууччалыы Допытываться, докапываться до чего-л. основательно

  • Киһитин туһунан барытын, төрдүн-төбөтүн түөрэн ыйыталаста. Тумарча. [Петров:] Дьэ, ол куораккыт дьоно дьыала бөҕөнү түөрэн эрэллэр дуу, доҕоор?
    С. Ефремов
  • Кууһума суукка кырдьыктаах төрүөтү түөрээри гыннаҕына, ууратан иһэллэр
    Н. Павлов

4 этии #

Нууччалыы Раскрывать, распознавать что-л., докапываясь до сути дела

Этиилэр

Төрдүттэн түөр

тугу эмэ оннуттан хасыһан булан таһаар, арый Ити дьыаланы төрдүттэн түөрдэххэ сатаныыһы.

  • Ср. туркм. дөр, дөөрже ʽковыряться, копаться’

«Т» буукуба