Перевод с якутского
алыҥах
аат тыл
Нууччалыы болотистое, заросшее кустарником, травой место в лесу
1 аат тыл #
Тыа иһигэр лааҥкылаах, дулҕалаах маардыҥы сир
Нууччалыы Болотистое, заросшее кустарником, травой место в лесу
көр арыҥах. Алыҥах маһы Анныттан түөрдэ, Сытынньаҥ дүлүҥү сыылларда, Эмэх маһы эргиттэ. П. Ядрихинскай [Кыыспыт] сытыары-сымнаҕас, алыҥах маһы атыллыы илик оҕо, - диэбиттэрэ. А. Бэрияк Ат сылгытын Алыҥах мас гына Тэбэн кэбистэ [биһиги киһибит - бухатыыр]. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Алыҥаҕар андыта саарбыт, Толоонугар туруйата тохтообут, Көлүйэтигэр көччөҕө үөрдээбит дойду эбит С. Васильев
2 аат тыл #
Муҥха кынатын алын ситимэ
Нууччалыы Нижняя бечева невода
Чардаат аллара турар дьоҥҥо тиийэн, салайааччыттан алыҥах тутааччы оҥороругар көрдөстүм. В. Федоров Муҥха ийэтин аа-дьуо Ганнибал алыҥаҕыттан таһаарар Н. Габышев