Перевод с якутского
бэчимэ
аат тыл
Нууччалыы бечева
1 аат тыл #
Муҥханы, оҥочону тардар уһун, бөҕө быа
Нууччалыы Бечева (невода, лодки и т. д.)
Муҥхаларын ийэтэ саҥардыы чардааттан сүтэрин кытта, туохтан да иҥнибитэ биллибэккэ муҥхалара биирдэ чугурус гына түһэр да, икки бэчимэтэ иккиэн быстан хаалаллар. Саха сэһ. II. Биэстии-алталыы хоно-хоно, уһун хойуук оҥочолорун балыгынан толорон, бэчимэнэн тардан, бэйэлэрин үрэхтэрин өксөйөн тахсан, дьиэлэрин анныгар тохтууллара. Болот Боотур [Силип:] Балыыр, хараҥа балыыр. Бии үнүр райсоюзтан бэчимэнэн таһаҕас таһыстым
Л. Габышев
2 этии #
Бэчимэ тардыһыы - икки бөлөххө хайдыһан, уһун бөҕө быаны икки өттүттэн тардан бэйэ-бэйэни соһон ыларга күрэхтэһии Кулууп саалатыгар бэчимэ тардыстылар
Нууччалыы Перетягивание каната