ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сиэги

аат тыл

Нууччалыы длинная прочная волосяная верёвка, бечева

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

, эргэр

  • Бу ойуун ынах сүөһү айыыһытыгар кыырдаҕына алта былас аан сиэги нэдьэрэс эриэн сиэл быаны илэ курданан киирэрэ үһү. Саха сэһ. 197

2 аат тыл #

Бөҕө, уһун сиэл быа, хатыс

Нууччалыы Длинная прочная волосяная верёвка, бечева

3 аат тыл #

Үксүн табаны хаайар кыараҕас быа күрүө

Нууччалыы Тесный загон из натянутых верёвок, предназначенный для поимки оленей

  • Сиэги тарда-тарда, хаам оҥоро-оҥоро, хоройу тута сатаатылар.
    Болот Боотур
  • Биһиги, сиэгигэ киирбит сылгылар курдук, үлтү булумахтанан устуруойдаатыбыт
    ББ

4 аат тыл #

Саҥа быкпыт от эбэтэр мас лабаата

Нууччалыы Молодая трава; молодая ветка

  • Добун хара тыа Дьоллоох тоҥуутун Торутар күнүм, Сис хара тыа Сиэгитин силэйэр күнүм -- Күөрэйэн тиийэн кэллэ.
    С. Зверев
  • Нус-хас сырыылаах тайахтар, дьанта сиэгитин сэлбии-сэлбии, хааман дьайаҥнаһан ааспыт суолларын быстылар.
    Н. Борисов
  • Сиэттиһэ үүммүт сиэги мастарын кэлин өттүгэр -- күөх буруо унаарыйан эрэр. ПЭК ОНЛЯ VI
    I. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • калм. зээг ‘тонкий шнур, верёвка, кант’

«С» буукуба