ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэр-дьэбэр

даҕааһын

Нууччалыы темный, невежественный, примитивный

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Сайдыыта суох, түҥкэтэх, хараҥа (олох, киһи)

Нууччалыы Темный, невежественный, примитивный

  • Уулаах үрэх баһын киһитэ буолан, дьүһүннүүн-бодолуун, таҥастыын-саптыын кэр-дьэбэр киһи.
    Эрилик Эристиин
  • "Кэччэгэй баай" диэн айымньытыгар Кулаковскай -- кэр-дьэбэр олохтоох хаалан иһэр баайдары күлүүгэ таһааран күүскэ кириитикэлээбитэ
    ССЛИО

2 даҕааһын #

Тугу да аахса, ырыҥалыы барбат, ньүдьү-балай

Нууччалыы Беззастенчивый, безрассудный, сумасбродный

  • Ордук кэр-дьэбэр киһиэхэ баран эрэйдэниэн, оҕотун туора көрдөрүөн баҕарбат.
    Болот Боотур
  • Кэр-дьэбэр майгытынан кэпсээҥҥэ киирбит суостаах-суодаллаах кулуба кэнэҕэски көлүөнэҕэ аатын ыытаары балаҕан аннынааҕы кытаҕы үүт күөл оҥоро сатаан бар дьон көлөһүнүн ууга куттарбыт
    И. Сосин
  • Киһи иилэн ылбат акаары (кэпсэтии, тыл-өс). Θ Очень глупый, невежественный (о словах, разговоре). Бу кэр-дьэбэр кэпсэтиини тулуйан истибэккэбин, "тахсан баран хааллахпына буруйа-сэмэтэ төһө-хачча буолуой" диэн саныы олорбутум. Софр
    Данилов

3 даҕааһын #

Күчүмэҕэйдэртэн толлон турбат, харса суох

Нууччалыы Не останавливающийся перед трудностями, смело идущий напролом

  • Бу дойдуга күүстээх үлэни кыайар, кэр-дьэбэр киһи эрэ киһи буолар кэскиллээҕин үчүгэйдик өйдөөбүтүм
    ХС

4 этии #

Нууччалыы Быть неприглядным, грязным, неряшливым

  • Кэр-дьэбэр (кэп-дьэбэр) буолбут - кирдээх, чанчарык, дьабара буолбут Кини уруккуттан ыла кэр-дьэбэрин үрдүгэр, өр аһаамына хоргуйбута да бэрт буолан, туохтан да аҕынньыта төллөрүн ааспыт этэ.
    Эрилик Эристиин
  • Кэр-дьэбэригэр түспүт - кэрээнэ суох буолбут, олус маратыйбыт. Θ Стать беззастенчивым, бесцеремонным. "Олус кэр-дьэбэргэр түспэккэ туран, кэпсэт", - Тулааһынап илиитин сиэбигэр уктар.
    Далан
  • Киһи кэхтэр, кэр-дьэбэригэр түһэр, кэрээниттэн тахсар.
    С. Тарасов
Өссө холобурдар (1)
  • Бары кэр-дьэбэригэр түспүт дьон. Л. Попов

«К» буукуба