Перевод с якутского
өлүк
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы труп
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Өлбүт киһи
Нууччалыы Труп (человека)
Хабырыыс уонна Ширшов милииссийэ өлүктэрин көтөҕөн оскуолаттан таһаараллар. Н. Якутскай Хаан билик буолбут убайын өлүгүн көрөөт, Өрүүнэ уйулҕата көппүт И. Федосеев
2 аат тыл #
Охтубут, өлбүт сүөһү, кыыл
Нууччалыы Падаль, павшая скотина, дохлое животное
Өлүгү үтэлэммит, Хохтуга хоһулайбыт, Собулҕаҕа суудайбыт, Харыҥы хабыалаабыт.
Өксөкүлээх ӨлөксөйСоҕуруу-хоту суксулдьуйар, Собулҕа, өлүк сойуолаһар, Хааҥҥа, бөлүөххэ хамаҕа Хамныыр оботтоох далаҕа [суор] Болот Боотур Өлүөр-сүтүөр бэйэтэ Өлүк дьүһүннэннэ, Уохтаах-күүстээх бэйэтэ Удьук-садьык буолла.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (1)
Миитэрэй өлүк сирэйдээх араҥ дьахтар тахсан турарыттан соһуйдаҕа буолуо Амма Аччыгыйа
3 аат тыл #
Ыалдьан, кырбанан о. д. а. үтүөрбэт гына эмсэҕэлээбит, эчэйбит, мөлтөөбүт киһи
Нууччалыы Увечный, калека
Мин буоллаҕына, бу быһыта сынньыллан-сынньыллан киһи аатыттан аастым, киһи өлүгэ буолан хааллым. Эрилик Эристиин Ылдьаам тыыннаах өлүккэ кубулуйбута ХС
4 даҕааһын #
суолт. Улугурбут, өлбөөрбүт көрүҥнээх (хол., сирэй туһунан)
Нууччалыы Сонливый, тусклый, серый, безжизненный (о лице), вялый
5 этии #
Өлүк сүрэх кэпс. – күөх көппө, сүрэҕэ суох Өлүк сүрэхтээх киһи эбиккин
Нууччалыы Неисправимый лентяй
6 этии #
Өлүк көтөх эргэр. – кимтэн эмэ бэйэтэ өлбүт сүөһү этин ыл уонна тугунан эмэ ону төлөө Тув. өлүг, др. -тюрк. өлүх, уйг. өлүк
Нууччалыы Принимать от кого-л. часть павшей или добитой скотины и оплачивать чем-л
7 аат тыл #
Халлаан уһуннук ардаҕа суох былытырыыта
Нууччалыы Устойчивая облачность без дождя
Өлүгүн ыраастаан [ардах] түһүөҕэ ПЭК СЯЯ