Перевод с якутского
атыйах
аат тыл
Нууччалыы берестяное или деревянное лукошко, предназначенное для воды или хранения, содержания рыбы
1 аат тыл #
, эргэр. Уу кутарга эбэтэр балыкка аналлаах намыһах туос эбэтэр мас иһит
Нууччалыы Берестяное или деревянное лукошко, предназначенное для воды или хранения, содержания рыбы
Күөрэгэй тулуйарыттан ааһан, Олоону окумалыттан ылан, балык астыыр атыйахха “палк” гына бырахта. Т. Сметанин Ити курдук билсэн баран дьиэлээхтэр ыалдьыттар иннилэригэр, биэс атыйахха толору кутуталаан, хоргуннаах барчаны аҕалан ууран биэрбиттэрэ Далан
2 этии #
Нууччалыы В эпосе: привести в смятение, расстроить земную жизнь
Атыйахтаах уу курдук аймаа фольк. - сирдээҕи олоҕу сатарыт, айгырат, улахан долгуйууну таһаар Онуоха бу дойду кута курдук күөгэлдьийдэ, атыйахтаах уу курдук айманна. Ньургун Боотур. Туруу дьаҕыл дойдуну Тордуйалаах уу курдук Тоҕо кэстилэр, Аан дойдуну Атыйахтаах уу курдук Айгыратан аймаатылар. П. Ядрихинскай [Тимир көлө] Айаннаабыт күүһүттэн Аан ийэ дойдум баара Атыйахтаах уу курдук Аймаммытынан барда. П. Ойуунускай