ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аһыы

даҕааһын, аат тыл, аат

Нууччалыы клыки хищных зверей и некоторых других животных

English bitter

Ис хоһооно · 7
II

1 аат тыл #

Сиэмэх кыыллар уонна сорох атын да харамайдар балталарын иннинэн үүнэр уһун, уһуктаах тиистэрэ

Нууччалыы Клыки хищных зверей и некоторых других животных

  • ас I диэнтэн хай. аата. Хамначчыт дьахтар, төрүт да аанньа аһаабат эрэйдээх, күлүүһү аһыытыгар тарбахтара титирэстээн, мөхсөн ылбыттарын, Болот көрөн ааспыта.
    Н. Заболоцкай
  • Ханнык да улуу саҥаны аһыы халлаантан түспэтин поэт тус бэйэтин айымньыта ырылыччы көрдөрөр.
    ХС
  • Эмиэ да саҥа күн тыргыллар - Аҥаардас биһиэхэ ананан, Саҥаны аһыыга ананан. С. Данилов
Өссө холобурдар (6)
  • Алаа Моҕус хамсаабат буолбут. [Бөрө] дьэ иҥиир тараһатын ардай аһыытынан тоҕу тардан кээһэр.
    Саха фольк
  • [Мэхээлэчээн] кэннин хайыһан көрбүтэ, сүүнэ улахан сур бөрө аһыылара туртайбытынан кинини эккирэтэн субуруйан иһэр эбит.
    Т. Сметанин
  • [Бөрөм] үрдүгэр үктээри атахпын өрө көтөҕөн эрдэхпинэ, кыылым ырдьыгынаат, ынырык аһыылара килэстилэр, ойон турда.
    ХС
  • Тэҥн. анаҕас, мохсоҕол
  • Киһи тииһин тас өттүгэр, үөһэ соҕуһунан үүнэр хос тиис. Θ Глазной зуб или клык верхней челюсти. Нэһилиэктэртэн киирэн үрүт-үрдүлэригэр үллүктэнэ турар суорҕан саҕа биэдэмэс кумааҕыларын үрдүнэн арай кини ачыкылаах аһыыта килэҥниир.
    Амма Аччыгыйа
  • “Чэ, икки киһи кэлиҥ, кыайыаххытынан маста көтөҕөн киллэриҥ,” - диэн били дьуһуурунай киһи, күлэн аһыылара атыгыраан көһүннүлэр
    Эрилик Эристиин

2 аат тыл #

Туох эмэ биитин кырыылара, уһуга

Нууччалыы Острые края, лезвие, жало чего-л

  • Сүгэ аһыыта. Баһымньы аһыыта.
  • [Хаппытыан] ол сылдьан, биир күн мас суора туран, тэрэгэр сүгэ аһыытынан алҕас уҥа атаҕын тойон тарбаҕын хайа охсон, атаҕа суох буолан хаалбыта.
    А. Неустроева
  • Үтэһэ кыһан эт үөллүлэр, чохороон аһыытынан сото чоҥкутун охсон силии оборон сиэтилэр, быартан тэлэ быһан ыраахтан уокка сырайдылар. БН Ы
    Б. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • тюрк. аҕыг ‘клык’
III

3 даҕааһын #

Киһи кыайан элбэҕи сиэбэт, испэт ураты сытыы, кытаанах амтаннаах

Нууччалыы Обладающий своеобразным острым вкусом; крепкий, горький

  • Барыта ыксал, аһыы хартыыһаҕа чачайбыт киһилии, икки хараҕын уута сарт түстэ, онуоха аҕылаан эрэ кэбистэ уонна өрө хатыыстаспытын кубулуппата.
    Эрилик Эристиин
  • Кыра баҕайы аһыы отону таах төннүөхтээҕэр итигэстээбитинэн бардылар.
    А. Федоров
  • Аһыы, кураххай амтаннаахтарын [яблоколары] эмти ытыран, амсайан эрэ көрөөт, сөбүлээбэтэхпитинэ сиргэ быраҕабыт
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
  • Сотору соҕус буола-буола сиикэй эриэхэни ууга буһаран сии сатыыллар да, аһыыта, амтана куһаҕана бэрт.
    Н. Павлов
  • [Араҕастыҥы туус] аһыытынан тууска тиийбэт буолан баран кураххай, ордук сиэрэтиҥи амтаннаах
    И. Данилов

4 даҕааһын #

Наһаа хабархай, киһи өр тулуйбат (сыт туһунан)

Нууччалыы Резкий, вызывающий раздражение, горький, кислый, едкий (о запахе)

  • “Үспүйүөн суолугар сыҥсыыр табаҕы дуу, атын аһыы сыттаах эми дуу куппут”, - диэбит пограничник хомойбут куолаһынан.
    Н. Якутскай
  • Хойуу буруо хабархай аһыы сыта дьон хараҕын аһытар, тыыннарын хаайар, тумнара сыһар.
    В. Протодьяконов
  • Халҕаммыт дьэ аһылынна, аһыы көлөһүн уонна кырааска сытынан аҥкылыс гынна
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
  • Өлбүт киһи аһыыта үс хонуктаах (өс хоһ.). Кэтириис эмээхсин соҕотох оҕотун аһыытыгар баттатан сылдьар.
    Амма Аччыгыйа
  • Норуот ол дириҥ аһыытын [А. С. Пушкины өлөрүүнү], модун уордайыытын оччотооҕуга соччо биллэ-көстө илик эдэр М. Ю. Лермонтов “Поэт өлүүтэ” диэн хоһоонугар эппитэ. Софр
    Данилов

5 аат тыл #

Киһи кыайан тулуйбат эбэтэр элбэҕи сиэбэт, испэт туох эмэ сытыы, кытаанах амтаннааҕа

Нууччалыы Кислота, горечь; острота, крепость чего-л

6 даҕааһын #

Кутурҕан, санаарҕабыл, мунчаарыы

Нууччалыы Горе, печаль, скорбь

7 этии #

Нууччалыы Спиртное (в основном спирт, водка)

  • Аһыы уу кэпс. - арыгы (үксүгэр үрүҥ арыгы) Бу дойду дьоно аһыы ууну - арыгыны отой испэттэрэ, табаҕы тардар киһи тарбаҕынан эрэ ааҕыллар аҕыйаҕа, куһаҕан ыыс-бурут тыллары туттан этиспэттэрэ киһи хараҕар тута быраҕыллар. “Кыым”. Үтүө, кураан күннэргэ звено биир эмэ киһитэ “аһыы ууну” эккирэтэ сырыттаҕына, үлэ тохтуур, таһаарыыта намтыыр.
    ЭК
  • Аһыы ууну ас оҥостубут Арамаанап суоппар Аттыгар тиийэн, Ньыыпантап Ньыыкан, Ньылбыйа былаастаан, Хабарҕатын тыкта, Хараҕын хамнатта.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Олох аһыыта-ньулууна - киһи олоҕун устатыгар көрсүһэр ыарахан-чэпчэки түгэннэрэ, үөрүүтэ, хомойуута. Θ Трудные и радостные моменты, невзгоды и удачи, встречающиеся в жизни человека. Онто суох, мутугунан быраҕар муҥур үйэҕэ, олох аһыытын-ньулуунун, кэнэҕэс да кэмсиммэт гына, билэн хаалар ордук.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
  • Мин олох аһыытын-ньулуунун амсайбыт, олох туһунан ырыҥалаан, арааһы эргитэ саныыр улахан дьоҥҥо анаан суруйабын.
    В. Яковлев
  • Көхсүлэриттэн көрөн хаалбытым, оҕонньотторум барахсаттар, дьыл-күн өксүөнүн эрэ буолбакка, олохпут бары аһыытын-ньулуунун, бары сүөгэйин-сүмэтин сүгэ сылдьар курдук көһүннүлэр. С. Федотов

«А» буукуба