Перевод с якутского
аһыылаах
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы достойный сожаления; стоящий того, чтобы его жалели
1 даҕааһын #
Киһи аһыйар, суохтуур (киһитэ, предметэ)
Нууччалыы Достойный сожаления; стоящий того, чтобы его жалели (о человеке, предмете)
Биһиги нэһилиэктэн аһыылаах киһи өлөөрү гыннаҕа. И. Гоголев Чахчы аһыылаах сэп алдьаммыт быһыылаах Амма Аччыгыйа
2 аат тыл #
суолт. Улахан, ыар сүтүктээх киһи
Нууччалыы Человек, у которого большое, невосполнимое горе
Аһыылаахтарга аһыыр ас амтана сүппүтэ. Күн уһуна-кылгаһа биллибэт буолбута. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кини уран кэпсээнинэн Тыалы намыратар: Ытаабыты күллэрэр, Аһыылааҕы саататар.
Суорун ОмоллоонАһыылаах аһыытын Атас, доҕор аһардын, Санаалаах санаатын Сайаҕас кэпсээн тарҕаттын Т. Сметанин
3 даҕааһын #
Уһуктаах улахан тиистээх
Нууччалыы Имеющий клыки; клыкастый
Уопсайынан бу дойду сирэ-уота сэндэҥэ, ыраас, онон аһыылаах удьуора дугуйдаммат буолан абырыыр. ХС Сүүһүн ортотугар чөмчүүк олоҕун саҕа харахтаах, соҕотох илиилээх, атахтаах, аллара түһэ сылдьар аһыылаах киһи ыстаҥалаан киирбит. Саха ост. I