Перевод с якутского
көтөр
аат тыл
Нууччалыы птица.
English bird
1 аат тыл #
Кынаттаах, араас өҥнөөх түүлээх, икки атахтаах, тумустаах, тоноҕостоох харамай
Нууччалыы Птица. Көтөр сымыыта. Көтөр бииһэ. Көтөрдөр көтөллөр. Көтөр түспэтэх маһа суох, кыыл сылдьыбатах симилэҕэ суох (өс ном.). Бытархай көтөр Бырдьыгынас буолла, Кыра көтөр Кырдьыгынас буолла. Өксөкүлээх Өлөксөй. Лэглээриннэр билигин оччо хоргуйбаттар, иэдьэгэй, кииһилэ астаахтар, куобаҕы, көтөрү бултууллар, хатыҥ үөһэ чэйдэрэ эмиэ дэлэй. Амма Аччыгыйа. [Моонньоҕон] бэйэтэ да сэрэх, тэһии көтөр. Н. Заболоцкай
2 этии #
Көтөр кынатым (кынаппыт) - олус дьорҕоот, хоһуун, эрэбиллээх киһим (дьон эрэнэр, тирэх буолар дьонун хайҕаан этэр көһөр олук сороҕо) Софр. Данилов. [Түүнүкү Көстөкүүн:] Бэрдэриминэ, [арыгыны] көтөр кынаппытыгар, сүүрэр атахпытыгар... Эрилик Эристиин
Нууччалыы Часть речевой формулы, говорящей об отважных, ловких, знающих и верных людях из народа (букв. это мои (наши) летающие крылья). [Охоноон:] Махсыыннаах Былатыан биһиги күөн туттар күндү ыччаттарбыт: көрөр харахтарбыт, көтөр кынаттарбыт этилэр
3 этии #
Айан көтөрдөрө - күһүн ичигэс дойдуга көтөр көтөрдөр Ууну, харалдьыгы булбатах айан көтөрдөрө, ол хара хоту [харалдьык] туһаайан, дьиэлэр турбаларын үрдүнэн сыыйбытынан барбыттара. Н. Заболоцкай. Кустар, хаастар, туруйа, хараҥаччы, өрт турааҕа, кэҕэ, скворец, соловей - айан көтөрдөрө. КЗА АҮө.
Нууччалыы Перелетные птицы
Этиилэр
Көтөр аал көр аал
Будулҕан туманы көтөр аал ытыйар, Буурҕаны быһыта уотунан сапсыйар.
П. ОйуунускайОройбунан курулаан, Оноҕостуу дьурулаан, Күлүмүрдүү-күлүмүрдүү, Көтөр ааллар көтөллөр. Л. Попов
Өссө холобурдар (2)
Күүрээннээх мотуордаах көтөр аал түүннэри түрбүйэн айанныыр. Күннүк Уурастыырап Хотой кыылга холоонноох, Мохсоҕол кыылга мосуоннаах Модун көтөр ааллар Улуу куорат үрдүнэн Уһуура сылдьар буолар эбиттэр. С. Зверев
Көтөр баһаара көр баһаар
Сайыҥҥы кылгас кэмҥэ манна үгүс уу көтөрдөрө кэлэннэр, үрдүк очуос таастаах биэрэктэргэ олохсуйаллар, көтөр баһаардарын үөскэтэллэр. КВА МГ. Көтөр быта - көтөргө үөскүүр, ньуолах түүтүн сиир быт.
Насекомое, паразитирующее на птицах, пухоед.
Көтөр иитээччи - көтөрү иитэргэ идэтийбит киһи. Птицевод. Көтөрү иитии - көтөрү тыа хаһаайыстыбатын салаатын быһыытынан үөскэтии. Птицеводство. Көтөр баабырыката - көтөрү үөскэтэр баабырыка. Птицефабрика. Көтөр пиэрмэтэ - көтөрү үөскэтэр пиэрмэ. Птицеводческая ферма. Көтөр кынаттаах - көтөр бииһэ бүтүннүүтэ (кыыллартан, сүүрэр атахтаахтартан арааран этиигэ). Пернатое царство. Чуумпуран, сөҥөн турбут салгын устун көтөр кынаттаах эҥин эриэккэс куолаһа кэлэн кутулла, хойдо турда. Н. Заболоцкай Туох барыта аналынан буолуохтаах: көтөр кынаттаах - көттүн, сүүрэр атахтаах - сүүрдүн! А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (2)
Биһиги урут хотойу, көтөр кынаттаах бииһин барытын даҕаны ордугургуурбут - барахсаттар, күөх халлааҥҥа көҥүл дайан эрдэхтэрэ кэрэтин! Н. Габышев Кыстыыр көтөрдөр - күһүн соҕуруу дойдуларга барбат, кыһыннары баар олохтоох көтөрдөр. Зимующие (местные) птицы. Кыстыыр көтөрдөр биһигиттэн ичигэс дойдуларга барбаттар. Кинилэр мастар уонна талахтар үнүгэстэринэн, сиэмэлэринэн, астарынан аһылыктаналлар, киһи олорор сиригэр аһылыгы булуналлар. КЗА АҮө.
Мас көтөрө көр мас
- Мас көтөрүн, тыа булдун дьиҥнээх киин саарыстыбата манна баар эбит. Амма Аччыгыйа Куобах син баар буолсу, Мас көтөрө да баардыҥы. Далан
Өссө холобурдар (1)
Ахсаана суох мас көтөрдөрө: улар, куртуйах, бочугурас, хабдьы кыһыннары-сайыннары үөрдүүр. И. Данилов
Тыа көтөрө көр мас көтөрө
Өлүөнэҕэ төрөөбүтүттэн Киргил үөрэн, бэл, күн ахсын Тыа көтөрүн, кыылын түмэн Барабаанныыр үөрүү маршын. И. Гоголев. Тыҥырахтаах көтөр - сиэмэх көтөр.
Хищная птица.
Кус дабыдалларын төрдүттэн тыҥырахтаах көтөр кытаахтаабыт суолларын булла, хаантан чопчулаһа силимнэспит түүлэри сэрэнэн ырыҥалаата. Т. Сметанин Уу көтөрө - ууга түһэр көтөр. Водоплавающая дичь. Уу көтөрүнэн саха кийиит дьахтарын өйтөн сүппэт дьикти кэрэ көрүҥүн айан таһаарар. Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
Балыкка туу уонна куйуур, уу көтөрүгэр тиргэ, куобахха сохсо уонна тэптиргэлээх туһах, мас көтөрүгэр эмиэ туһах... У. Нуолур