ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дэгиэ

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы загнутый и с острым концом; крючковатый

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Токур сытыы уһуктаах; тордуохтуҥу быһыылаах

Нууччалыы Загнутый и с острым концом; крючковатый

  • Онтон биири Мохсоҕол Тииккэ тахсыан иннинэ Дэгиэ тиискэ түһэрдэ.
    Т. Сметанин
  • [Хотой] Багыыр – дэгиэ тыҥыраҕынан Батары харбаан олорон, Токур сытыы тумсунан Булдун-алдын садаҕалыыр.
    С. Васильев
  • Биирдэ хорооммуттан тахсан соловей дьиктилээхэй ырыатын истэммин, өйүм көтөн хаалан, хара санаалаах Мэкчиргэ дэгиэ тыҥыраҕар түбэһэ сыһан турабын
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • Балык эрэйдээх хайаттан Ытыы-соҥуу көрдөстө: "Мин кыһыл көмүс сандал балыкпын, Илимньит дэгиэтиттэн куотаммын Тунал байҕал эҥсиллэр иэнинэн Тускула суох өр сыттым"
    Таллан Бүрэ

2 аат тыл #

Ууттан улахан балыгы ороон таһаарар мас уктаах, токур сытыы уһуктаах дьоҕус тимир тордуох

Нууччалыы Рыболовная снасть в виде большого крючка; вид остроги

3 аат тыл #

Остуолбаҕа, туруору хайаҕа ыттарга аналлаах атахха кэтиллэр токур сытыы уһуктаах тордуохтуҥу тимир оҥоһук

Нууччалыы Кошки (приспособления в виде металлических зубьев для лазанья на столбы, скалы)

  • Остуолба төрдүгэр Уһуннук тэринэр, Тирэхтээх үлүгэр Дэгиэҕэ тирэнэр.
    С. Данилов
  • Аны туран, остуолбаҕа ыттарга аналлаах, сүүнэ баҕайы, икки токур дэгиэ тимирдэр муостаҕа адаарыстылар
    ХС

4 этии #

Нууччалыы Хищная птица

  • Дэгиэ тыҥырахтаах (поэт.) – тыҥырахтаах (сиэмэх) көтөр Дэгиэ сытыы тыҥырахтаахха Имэриттэримэ иэдэскин, Имэрийэри сатаабакка кытаахтыаҕа эйигин.
    И. Гоголев
  • Маннык хараҥаҕа ардай аһыылаахтар, дэгиэ тыҥырахтаахтар кэлэр-барар, тиҥсирийэр кэмнэрэ. Н. Якутскай

5 этии #

Нууччалыы Положение, из которого выбраться живым почти невозможно

Этиилэр

Өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕа (тарбаҕа)

киһи кыайан тыыннаах тахсыбат балаһыанньата Күн ахсын өлөр өлүү дэгиэ тыҥырахтара сыыһа-халты харбыыллар.

  • Өлөр өлүү дэгиэ тарбаҕар ылларбыт оҕо муҥнаахха тугунан да көмөлөһөр кыах суоҕа. Н. Кондаков

«Д» буукуба