Перевод с якутского
дэгэй
туохтуур
Нууччалыы двигаться, идти, бежать, легко ступая, словно едва касаясь земли
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Чэпчэкитик үктэнитэлээн сүүр, хаамп, хамсан
Нууччалыы Двигаться, идти, бежать, легко ступая, словно едва касаясь земли
Сүүрэн дэгэй. Үҥкүүлээн дэгэй. Махсыын тыаһа суох сүүрэн дэгэйэн тиийэн, бөлкөй оту өҥөс гына түспүтэ. Р. Кулаковскай Отучча сыллааҕыта. кини сүүрбэччэлээх, курбуу курдук, дэгэйэ көппүт, киирбит-тахсыбыт ахан кыысчаан этэ. Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
Бу алта уон алта саастаах, саха аар кырдьаҕаһа сүрдээх имигэстик, чэпчэкитик хамсанан үҥкүүлээн дэгэйэрин көрө-көрө сүрдээҕин сөҕөрбүт ХС
2 туохтуур #
Кими-тугу эмэ түргэн үлүгэрдик таарыйан ыл, даҕай
Нууччалыы Едва дотронуться, коснуться до кого-чего-л
Сүүнэ улахан сомсор тимирэ, боруоданы аргыый аҕай дэгэйэн ылаат, тиэрэ холоруктаан илдьэн ыарахан самасыбаал куусабар сүөкээн курулатар И. Данилов
3 туохтуур #
Тугу эмэ хатылаан дэгэрэҥ эбиилээ, эбэ түс
Нууччалыы Добавить чуть-чуть, совсем немного к чему-л
Кыратык дэгэйэн эп. Билсэр дьонноругар Билгэччи бастылар, Атаҕастыыр дьонноругар Аҥарынан дэгэйдилэр. Болот Боотур Истэҕин дуо, ыл өссө Биир ньуоската дэгэй. А. Твардовскай (тылб.)
4 туохтуур #
Тугу эмэ тыыта, ыла оҕус, сып гыннар
Нууччалыы Очень ловко, проворно умыкнуть, стянуть что-л., выкрасть
Убайыҥ балыгын былдьаабыккын. Атын да киһи киэнин дэгэйиэ эбиккин, – диир Аана дьиэтигэр айаннаан иһэн А. Федоров