Перевод с якутского
ньааҕынаа
туохтуур
Нууччалыы издавать протяжный тонкий звук, похожий на мяуканье кошки, пищать (о нек-рых зверях); мяукать
1 туохтуур #
тыаһы үт. туохт. Уһун синньигэстик "ньаа" диэ, куоска курдук саҥар (сорох кыылы этэргэ)
Нууччалыы Издавать протяжный тонкий звук, похожий на мяуканье кошки, пищать (о нек-рых зверях); мяукать
Эриэн куоска ньааҕынаат, икки ардыларыгар тахсан кыбыллан олорон, олоҥхолоон курдьугунаата. М. Доҕордуурап Куобах эмискэ ытаан ньааҕынаабытыгар булчут ыһыкта охсон, туора ойдо. В. Тарабукин Улахан баҕайы ийэ куобах ити-бу диэки ойуолаан көрө-көрө ньааҕыныыр эбит П. Чуукаар
2 туохтуур #
Сэниэтэ суохтук, синньигэс куоласкынан саҥар, ытаа (киһини этэргэ)
Нууччалыы Издавать слабым, тонким голосом мяукающий звук, тихо плакать, пищать (о ребенке)
Сыыр үрдүттэн быһаарыыта суох саҥа ньааҕынаан иһилиннэ. Амма Аччыгыйа Тордуох Дьуона балларыстыбыт мөссүөнүгэр дьүөрэтэ суох синньигэс куолаһынан ньааҕынаата. Е. Неймохов Арай ханна эрэ оҕо ытаан ньааҕыныырын иһиттим. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -тюрк. дьаҕыла ‘журчать’, с. -юг. чакыла ‘восклицать, кричать’