ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чолоҕор

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы задирающийся вверх, загнутый кверху стороной

1 даҕааһын #

Аҥаар өттүнэн өрө чолойо сылдьар, оннук быһыылаах

Нууччалыы Задирающийся вверх, загнутый кверху стороной

  • Чолоҕор эриэн ынаҕым Тоҕус ыйга Сиэн туоруур Бугул оту булбакка Муҥу көрөммүн -- Сорсуйбут эбиппин. Саха нар. ыр. I. Аҥаар хараҕын быһа симэн, оччоччу көрөн, -- чолоҕор төбөтүн кыҥначчы соҕус өрө туттан, тугу барытын сиилээбиттии хантаһыйар.
    М. Ефимов
  • Промышленность билигин үксүн олус чолоҕор быһыылаах тимир атырдьахтары оҥорор
    ПАЕ ОСС

2 даҕааһын #

сэнээн. Толкуйа, оттомо суох, өйүн-төйүн тута илик, мэник-тэник

Нууччалыы Глупый, бестолковый, несмышлёный

  • Ити хамыйах мэйиитэ суох чолоҕор уол иирдэн, кыыһым улуус-улуус маанылаахтарын сирэн ыыталыыр эбит дии.
    Далан
  • Ама мин иҥсэлээҕим иһин, кини [кинээс] чолоҕор уолугар кыыспын, умса анньан биэрэ да турбутум баар эбит.
    М. Доҕордуурап
  • Муостаахап диэн адьас эдэр, чолоҕор уол ким эрэ угаайытын албыныгар киирэн бандьыыкка суруйтарбыт
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (3)
  • Бии чолоҕор хаһан киирэн бу иирбит куораттан быыһыыра буолла!
    Амма Аччыгыйа
  • Тугу көрдөөн кэллигит? Эһигинэ да суох субуота аайы куораттан араас чолоҕордор манна мунньустар буоллулар.
    И. Гоголев
  • Чолоҕордор оһох айаҕын аһаҕас бырахпыттар
    П. Аввакумов

3 аат тыл #

суолт., үөхс. Толкуйа, оттомо суох, мэник-тэник, акаары киһи (оҕо)

Нууччалыы Глупец, бестолочь, оболтус

«Ч» буукуба