Перевод с якутского
килэгир
даҕааһын
Нууччалыы с блестящей гладью, гладкий, ровный
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
даҕ
Баксаал иннинээҕи болуоссат килэгир аспааллаах. Н. Якутскай [Киһи үөгүтэ] күөл килэгир иэниттэн өрө көтөн тахсан, үөттэр үрдүлэринэн сатарыйар. Л. Попов Ыраах иннибэр кыра килэгир ырааһыйаҕа туох эрэ хараарыс гына түстэ ХС
2 даҕааһын #
Килэйэн көстөр ньуурдаах, кылааккай
Нууччалыы С блестящей гладью, гладкий, ровный
3 даҕааһын #
Баттаҕа суох буолан килэрийэн көстөр (төбө туһунан)
Нууччалыы Блестящий (о лысой, наголо остриженной голове)
Күн уота тэйэр килэгир төбөтүн имэриммэхтээтэ. С. Тарасов Килэгир төбөтүгэр кулгааҕа улаатан, даллайан хаалбыт. ИИФ УС. Олороллор -- килэгир төбөлөөх миниистирдэрим. В. Маяковскай (тылб.)
4 даҕааһын #
Туох да булкадаһыга суох, аҥаардас
Нууччалыы Без примесей, чистый; неразбавленный
Атыыһыт этэ суох, килэгир миини эрэ испит. Килэгир хааһы эрэ астаахтара. Хас да хонукка аҥаардас килэгир уунан хонуталаабытым ЭК
5 даҕааһын #
Көстөн турар, дьиҥнээх
Нууччалыы Настоящий, истинный
Хабахтар уонна Тураахтар -- килэгир абааһылар Эрилик Эристиин
6 этии #
Килэгир харах - акаары, тугу да өйдөөбөт, ылыммат Килэгир харах, Килиэдэ сирэй -- Ньүдьү балай. Өксөкүлээх Өлөксөй. Килэгир харах, көҥдөй көҕүс. Суорун Омоллоон
Нууччалыы Бестолочь, глупец