ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

килэди

Нууччалыы блестящий медной гладью

алтан килэди -килэйэн көстөр алтан

Нууччалыы Блестящий медной гладью

  • Алтан килэди сэргэҕэ атын аҕалан баайан кэбистэ.
  • Аҕыс кырыылаах алтан килэди хаһаа -- күөрчэхтии ытылла турара буолуо. П. Ядрихинскай; киэҥ килэди - килэйэн көстөр киэҥ. Θ Блестящая широкая гладь (дороги). Киэҥ килэди суолунан айаннатан истилэр.
  • Киэҥ килэди да аартыгар Мин кынаттаах атым Туйаҕын төгүрүк суола көстөр. И. Гоголев; таас килэди - килэйэн көстөр таас. Θ Блестящая гладкая поверхность из камня или стекла. Таас килэди киһи килэс гына түстэ.
Өссө холобурдар (2)
  • Бүтүннүү таас килэди таҥастаах -- Уол оҕо урсуннааҕа Дибилийэн тиийэн кэллэ. К. Туйаарыскай; тимир килэди - килэйэн көстөр тимир. Θ Блестящая гладь металла. Тимир килэди хайаҕа кэлэн иҥнэ түстэ.
  • Аҕыс кырыылаах тимир килэди Илэ дэриэтинньик Дьиэһийэн-дьиэгэнийэн иһэр
    П. Ядрихинскай

«К» буукуба