Перевод с якутского
килбиэннээх
даҕааһын
Нууччалыы блестящий
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
даҕ
Талба өрүс килбиэннээх уутун тэлгэтэн нэлэһийэ устар. Амма Аччыгыйа Киэһээҥҥи нуурал Килбиэннээх сардаҥатын Өлүөнэ үрдүнэн тэнитэн Чэмэлийэн турда Т. Сметанин
2 даҕааһын #
Чаҕылхай, күлүмүрдүүр ньуурдаах
Нууччалыы Имеющий яркую, блестящую поверхность, сияющий. [Адьыҥа Сиэр Хотун] Киэһэ киирэн эрэр күн килбиэнин курдук Килбиэннээх сирэйдээх
3 даҕааһын #
Кыырпаҕа суох ыраас, олус сырдык; эҥкилэ суох
Нууччалыы Безукоризненно чистый, лучезарный; безупречный
Уһуктаах тыллаах Утары саҥарбатах Килбиэннээх сирэйбин Киртитэ оонньоотулар.
П. ОйуунускайКыһалҕаҕытын билэммин -- килбиэннээх түүлээхпиттэн кэһиилэнэн кэллим. Амма Аччыгыйа [Тапталлааҕым], Эн миигин киллээртиҥ килбиэннээх тиэргэҥҥэр - Кирдээх-хохтоох үктэммэт сиригэр С. Тарасов
4 даҕааһын #
Албан ааттаах, аатырбыт, дьоһун
Нууччалыы Славный, доблестный, достойный
Сырдык тыыннарын норуот туһугар уурбут килбиэннээх дьоннору эн ханна, хайа кэккэҕэ туруораҕын? Амма Аччыгыйа Оскуолам -- Намтаабыт, кыччаабыт курдуккун, Ханнаный, килбиэннээх уруккуҥ? Л. Попов Николай Неустроев чаҕылхай, килбиэннээх кыайыыларын туһунан үөрүүнэн ахтабын. ВВ ТТ
5 этии #
Килбиэннээх аартык үрд. - сырдык сайдыы суола Килбиэннээх киэҥ Аартык буолан -- Кэлэр-барар сирбит Чэмчэйэ дьэҥкэрдэ. Нор. ырыаһ.
Нууччалыы Светлый путь процветания
Этиилэр
Килбиэннээх киин көр киин II
Сир килбиэннээх кииниттэн Силистээх-төрүттээх махтал бэрдэ! С. Васильев. Килбиэннээх халлаан үрд. - муҥура суох үрдүк күөх халлаан.
Лазурная небесная высь.
Хара улар тиит төбөтүгэр хатанан, үөһээҥҥи үрдүк, килбиэннээх халлаан диэки -- чолойон олороро көстөр. Н. Неустроев
Киһи киэнэ килбиэннээҕэ көр киһи
Доропуун оҕонньор киһи киэнэ килбиэннээҕэ этэ буоллаҕа. Н. Заболоцкай