ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чолой

туохтуур

Нууччалыы задрать, запрокинуть голову вверх

1 туохтуур #

дьүһ. туохт. Төбөҕүн өрө көтөх; хантаччы туттан үөһэ диэки көр

Нууччалыы Задрать, запрокинуть голову вверх

  • Дьөгүөрсэ уулусса ортотугар тохтообута, -- өрө чолойбута.
    Н. Якутскай
  • Мохсоҕол чолойон туран үрэр, бука, кырдьаҕас тугу эрэ булла быһыылаах.
    В. Чиряев
  • Киһибит табыллыбыт таллан куоҕас курдук, миискэтин өрө туппутунан, чочумча өрө чолойон олорбохтоото
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Үөһэ диэки хантайан тахсыбыт курдук буол (туох эмэ тумса эбэтэр төбөтө). Θ Быть вздёрнутым кверху (о передней части, носе чего-л.). Тыы үрдүк халлааҥҥа өрө көтөн эрэрдии, чолойбутунан өрө ыстанан иһэн аллара супту түһэн эрэрдии, таҥнары хойуостар.
    Эрилик Эристиин
  • Холобура, нуучча хотуура өнчөҕө токур, төбөтө үөһэ чолойор. ПАЕ ОСС. Харыйа -- хаппыт аллараа мутуктарын уһуктара -- сииктээх, ардахтаах күҥҥэ үөһэ чолойон тахсаллар эбит
    ИИП ТМОХ

2 туохтуур #

сөбүлээб. Тугу да гынара, туох да кыһалҕата суох киһи курдук сырыт, оннук тутун

Нууччалыы Выглядеть глупо, несуразно, нелепо, вести себя неразумно

  • Кинилэр бу киэһэни быһа кэтэһэн чолойон олорторо.
    Эрилик Эристиин
  • Саатар кэргэнэ кэлээт, итиилии түспэккэ эрэ, хонтуораҕа чолойдоҕо үһү.
    И. Егоров
  • Туох тахсыаҕын онно [мунньахха] түүн буолуор диэри чолойон олордуҥ?
    Д. Токоосоп

3 туохтуур #

сөбүлээб. Кими, тугу да кытта аахсыбакка, бэйэҥ эрэ билэргинэн, талбыккынан, бас-баттах сырыт

Нууччалыы Вести себя своенравно, как вздумается, ни с кем, ни с чем не считаясь. [Мэхээлэ:] Туоҕа да суох эрээри, икки илиини хармааҥҥа уктан баран, үөрэхтээҕимсийэн өрө чолойо сылдьарыттан туһа тахсыа суох ээ

  • [Балааҕыйа:] Нохоо, эмиэ Балбаах уолун кытта оонньуу чолойдуҥ дуо?
    Амма Аччыгыйа
  • Баһаатай буолан кытарбыккын, чолойбуккун сотору кэмсиниэҥ.
    Л. Габышев
  • Ср. кирг. чолой ʽукорачиватьсяʼ

«Ч» буукуба