Перевод с якутского
чыычаах
аат тыл
Нууччалыы птица
English bird
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы птица
English bird
чыычаах уйата птичье гнездоa bird's nest
2 аат тыл #
Куорсунунан уонна түүнэн бүрүллүбүт, икки кынаттаах, икки атахтаах уонна тумсулаах, кыракый тыыннаах харамай
Нууччалыы Птичка, пташка
Кэрэ лабаа киэргэллээх Кэрии-эҥэр тыаларга Күндү күөмэй чыычаахтар Көрү-нары тартылар. Күннүк Уурастыырап Көй-күөх салгыҥҥа көмүс күөмэйдээх күөрэгэй чыычаахтар көччүйэллэр. И. Данилов Чыычаахтар чыбыгыраһа-чыбыгыраһа мастан маска түһэллэр Н. Түгүнүүрэп
3 аат тыл #
Саамай күндү, тапталлаах киһи (үксүгэр оҕону, биитэр таптыыр кыыһы, дьахтары этэллэр)
Нууччалыы Форма обращения к ребёнку или любимой девушке, женщине в значении "дорогой и любимый". – Чыычаахтарыам, аны саас улахан дьон буолан тоһуйаарыҥ! – уолаттарын аҕалаах хотунугар туттартаан кэбистэ
Оҕоккоом… чыычааҕым… кэллим… Бааргын дуо, Сөдүөрэм? П. Тобуруокап – Ыы, чыычаахпыан, ытыы сытар дуу, тугуй дуу? Чыычааҕыам, туран көрүүй, – диэн саҥа иһиллэр Дьүөгэ Ааныстыырап
4 аат тыл #
Хомус (муусука үстүрүмүөнэ) хамсыыр гына ыпсарыллыбыт туспа чааһа
Нууччалыы Подвижная часть варгана, прикреплённая к основной части одним концом. [Хомус] чыычааҕа алдьамматын наадатыгар хайаан да хааланыахтаах
ЧАИ СБМИ. Урут хомуһун сыҥааҕын үрүҥ көмүстэн оҥороро, онтун билигин алтантан сыҥаахтыыр, -- "чыычааҕын" иэҕэн, "эминньэҕин" төгүрүтэн этигэн оҥортуур Кыым
5 этии #
Нууччалыы Только птичьего молока нет (о полном изобилии). – Чыычаах үүтэ эрэ суох курдук кэпсээтиҥ дии, – Сардаана Уйбаанабына чааскыларга чэй кутта. – Ол биһиги тугу бэлэхтээн үөрдүөх-көтүтүөх бэйэбитий?
Этиилэр
Чыычаах үүтэ эрэ суох
санаабытыҥ барыта баар диэн суолтаҕа этиллэр И.
Егоров
6 этии #
Нууччалыы Овсяница (растение)
Этиилэр
Сылгы чыычааҕа көр сылгы
Сылгылары быыһынан Сылдьан түүнү көрдүүр, Сылгы, ыал дьукааҕа – Сылгы чыычааҕа. И. Эртюков От күрүөтүгэр сылгы чыычааҕа түһэн кутуруга түөрэҥэлиир. И. Сосин
Өссө холобурдар (1)
Тэлгэһэ тула, чып-чап дэһэ-дэһэ, сылгы чыычаахтара алларанан-үөһэнэн көтө-дайа сылдьан тугу эрэ булан аһыыллар. У. Ойуур
Чыычаах (чооруос) тумсун саҕа көр тумус
Оҕо сылдьан кини [Мэхээс] кэпсээниттэн сэрии туһунан чыычаах тумсун эрэ саҕаны өйдөөбүт эбит. Н. Босиков [Костя:] Баҕар чыычаах тумсун саҕа көмөнү оҥоруом. С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Туһалааҕы тугу эмэ оҥордорбун диэн биир баҕа санаалаахпын да чыычаах тумсун саҕаны тобула иликпин. С. Федотов
Чыычаах уйата
күннээх, сыралҕан уонна халдьаайы сиргэ үүнэр кылгас умнастаах ньуолах от Үс-түөрт оҕо көрсө түстэллэр эрэ араҕас сибэккилээх, чыычаах уйата оттоох кырдал үрдүгэр -- дьиэрэҥкэй тэбэн, атах тэпсэн, кулун куллуруһан чохчоохойдуу-чохчоохойдуу эйээрэллэрэ олус да үчүгэй буолара.
Чыычаах уйата оту үргээн бугуллууллара. ВПК СОо.
Ымыы чыычаах көр ымыы
Унаар урсуҥҥа күндүллүүр Уоттаах күммүтүн күндүлүүр Ымыы чыычаахтарым, ыллааҥ, Ырыаҕытын салҕааҥ! Күннүк Уурастыырап Ымыы чыычаах ыллыыра, күөрэгэй күөх муора халлааҥҥа туойара -- туохха да тэҥэ суох, кэрэ-дьикти хартыына буолан, кини хараҕар элэҥнээн көһүннүлэр. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
Кини күн тахсыыта тиит чыпчаалыгар олорон ыллыырын иһин, ымыы чыычаах диэн ааттаммыт. И. Федосеев Ср. тюрк. чымчык ʽпташкаʼ, чув. шапчак ʽсоловейʼ