ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ымыы

аат тыл

Нууччалыы небольшая лесная птица семейства вьюрковых с перекрещивающимися концами клюва, клёст

English bullfinch

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Саха сиригэр кыстыыр чооруостуҥулар аймахтарыгар киирсэр кыһыл түөстээх хардастыгас тумустаах ырыа чыычаах

Нууччалыы Небольшая лесная птица семейства вьюрковых с перекрещивающимися концами клюва, клёст

  • Бай, ити ымыы ыллыыр!
    И. Гоголев
  • Көмнөхтөөх тыаны үрдүнэн Күн көстө түһэрин кытары Бэйэҥ да бэркэ бэркиһээн Истиэҥ этэ ымыылары.
    П. Тобуруокап
  • Лена өрүс мырааныгар ымыы ыллыыр, кэҕэ этэр
    Л. Попов

2 этии #

Этиилэр

Ымыы ыллаабат, ыт үрбэт (дойдута) көр ыт II

  • Ыт үрбэт, ымыы ыллаабат, тураах тохтообот, туруйа хаһыытаабат үрэх баһа дойдуга туох булда кэлиэй, тэскилээтэхпит дии

3 этии #

Этиилэр

Тиит ымыы көр тиит

  • Тиит ымыыта харыйа, тиит мас сиэмэтин сиир, сайынын эбии үөнү-көйүүрү аһылыктанар.

Тойон ымыы көр тойон

  • Тойон ымыы үксүн сыалаах мас үүнэр сиригэр уйаланар.

Ымыы чыычаах көр ымыы

  • Ымыы чыычаах ыллаата, Күннээрикпит күөрэйдэ, Күөрэгэйбит көрүлээтэ. Саха нар. ыр. III. Кини күн тахсыыта тиит чыпчаалыгар олорон ыллыырын иһин, ымыы чыычаах диэн ааттаммыт.
    И. Федосеев
  • [Кыһын халлаан сылыйарыгар] ымыы чыычаах тэлгэһэҕэ кэлэр. И. Сосин
II

4 аат тыл #

, эргэр. Урукку өйдөбүлүнэн абааһыттан араҥаччылыыр, харысхал буолар туох эмэ

Нууччалыы Амулет, талисман, оберег

  • Ол баайыллыбыт хабахтар уонна чуорааннар, оччотооҕу кэнэн дьон санааларыгар, куһаҕан тыыны куттуур улахан ымыы буолаллара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ээ, кырдьык даҕаны -- Арба куосканы үчүгэй эҥээрдээх, дьиэҕэ ымыы буолар дииллэрэ этэ дуу.
    В. Яковлев
  • Саһыл тумса – дьахтар оҕолонор кыаҕын, күүһүн араҥаччылыыр ымыыта
    НБФ-МУу СОБ

5 этии #

Этиилэр

Санаа ымыыта

санаа баҕата диэн курдук (көр баҕа II).

  • Лаана Серёжаны олус да өр күүппүтэ, көрдөөбүтэ. Кини ыра санаатын ымыыта гынан, өйүгэр оҥорбут доҕордооҕо.
    Н. Лугинов
  • Кээтииһи мин санаа ымыыта оҥостубутум. Бэл, түүнүн түүлбэр киирэн, туорхаһыйбыт хоччорхой дууһабын сылаанньытара.
    П. Степанов
Өссө холобурдар (1)
  • Бу түөрт түрбүөннээх сылларга миэхэ санаа ымыыта буолан бииргэ сылдьыспыт, мин Кэчииккэм аны суох буоллаҕа.
    ХС

Ымыылаах ыт көр ыт II

  • Ымыылаах ыппыт Аргыспыт [ыт аата] биһигини арыаллаан иннибитигэр сүүрэ турда

«Ы» буукуба