ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ымыылаа

туохтуур

Нууччалыы бережно охранять, защищать, оберегать кого-, что-л

1 туохтуур #

Кими, тугу эмэ көрөн-истэн, харыстаан илдьэ сырыт, араҥаччылаа

Нууччалыы Бережно охранять, защищать, оберегать кого-, что-л

  • Айаныҥ атын үүнүн Баайан ымыылыы оҕус. Саха нор. ыр. II. Күндү этэ миэнэ атым Ааһар алып алкыйыытыттан Ахсым суолбун ымыылыыра
    Таллан Бүрэ

2 туохтуур #

Баҕа санааҕын сүрэххэр сөҥөрдөн санаа дьулуура оҥостон, иитиэхтээн илдьэ сырыт

Нууччалыы Долго вынашивать в душе заветное желание, сокровенную мечту

  • Академик Лаврентьев учуутал Михаил Андреевич хас эмэ сылы быһа сүрэҕэр сөҥөрдүбүт, дууһатыгар ымыылаабыт кэскиллээх санааларын таба да эппит!
    И. Федосеев
  • Туох эрэ хаһааҥҥыттан эмэ ыраланан ымыылаабыт санааҥ туолара субу тиийэн-түгэнэн кэлбитэ эн бэйэлээх эккин-хааҥҥын эппэҥнэтэр, сүргүн-куккун сүүдүтэр
    В. Миронов

«Ы» буукуба