Перевод с якутского
күөс
аат тыл
Нууччалыы варево, стоящее на огне
English cooking pot
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Мииннээн уокка буһара уурбут ас (эт, балык)
Нууччалыы Варево, стоящее на огне (из мяса, рыбы)
Күөс буһара барыта биир буолбат: ириэнэх эт күөһэ буһара түргэн, оттон тоҥ күөс уһун. Н. Якутскай Ити икки ардыгар күөс буһан бидилийдэ, сылаас миин, хоргун минньигэс сыта муруну кычыгылатта. Л. Попов Эмискэ күөс куотар тыаһа сырылыыр. Кыргыттар "Уой-ай" бөҕө буолан хабытайдаһаллар П. Аввакумов
2 аат тыл #
бэй. туһ. Үксүн эт аһылыгы буһарар иһит, солуур
Нууччалыы Горшок для варки (напр., мяса). [Суккун сонноох Суут албын] ойоҕо ойон тура эккириир да, үс тоҥ кырбас эти таһыттан киллэрэн күөскэ угар, уу кутар
Биир атах эти киллэрэн үлтү сынньан икки күөһүнэн ыгыччы буһардылар. М. Доҕордуурап Киэһэ күөс муҥунан куобахтарын этин буһаран сиэтилэр. ХС Ср. тюрк. көөш, көөч, көдэш 'горшок'
3 этии #
Нууччалыы Время варки мяса (старинная якутская мера времени - примерно около одного часа)
Күөс быстыҥа - күөс буһар кэмэ, биир чаас кэриҥэ Күөс быстыҥа кэриҥнээх буолаат, Сиэҥкэ бэрт тиэтэлинэн аҕата Ньукууса оҕонньордуун көтөн түстүлэр. А. Неустроева Үҥкүү күөс быстыҥын кэриҥэ барда. М. Доҕордуурап Ср. др. -тюрк. көч 'небольшой отрезок времени'. Күөһэ күөстүйбүт түөлбэ. - хаһаайыстыба тэринэн туспа баран олорбут. Θ Начать жить самостоятельно своим хозяйством (букв. горшок его стал (действительно) горшком
4 этии #
Киэһээ күөс - киэһээҥҥи аһылык
Нууччалыы Ужин. Эмээхсиэн, анараа дьиэҕэ киэһээ күөһү күөстээ. А. Софронов. Киһи айаҕынан, муннунан хаана баран, киэһээ күөс саҕана өлөн хаалла. Болот Боотур. Көнө күөһэ - элбэхтик оргутуллубут үүт хойуута; үрүҥ ас. Прокипяченная несколько раз молочная гуща; молочный продукт. Элбэх ыанар ынахтаах дьон үйэлэригэр дэҥҥэ көнө күөһэ оҥостуналлара. "Чолбон". Күөс бэргэһэ - кулгаах сабыылаах бэргэһэ. Шапка-ушанка. Чохойбут чомпо бэргэһэ, Көкөйбүт күөс бэргэһэ. Өксөкүлээх Өлөксөй. Чомпой бэргэһэ, муостаах бэргэһэ, туһахталаах, чопчуурдаах дьабака бэргэһэлэр, күөс бэргэһэ диэннэр бааллар эбит. БСИ ЛНКИСО. Күөс күөстээччи көр ас астааччы. Күөс охсооччу - күөсчүт 1 диэн курдук. Өбүгэлэрбит биир суол киэҥник туттар иһиттэринэн туой иһит буолара. Ол иһин, холобурга диэн эттэххэ, күөсчүт, күөс охсооччу диэн идэтийбит дьоннордоох этибит. Багдарыын Сүлбэ