ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холобур

сыһыат, аат тыл

Нууччалыы действие или явление, служащее образцом для кого-л., вызывающее подражание, пример, образец

English for example

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Дьон-сэргэ биһириир, ылынар, үтүктэр быһыыта-майгыта

Нууччалыы Действие или явление, служащее образцом для кого-л., вызывающее подражание, пример, образец

  • Толстой олох кырдьыгар, айымньы уус-уран форматыгар, тылга үрдүк модьуйуулаахтык сыһыаннаһыыта биһиги бары айар үлэһиттэрбитигэр үтүө холобур буолар. Софр. Данилов. Кырдьаҕас учуутал, бэтэрээн буойун, чахчы да, – төрөөбүт дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу тыыннаах холобура.
    И. Павлов
  • Аҕа, ийэ оҕолорун аҥаардас тылынан эрэ буолбакка, тус бэйэлэрин холобурдарынан, майгыларынан-сигилилэринэн эмиэ иитэллэр. Дьиэ к

2 аат тыл #

Тугу эмэ сиһилии быһааран, көрдөрөн биэрэр биир түгэн, быһыы-майгы

Нууччалыы Показательный частный случай, конкретное явление, приводимое для объяснения, в доказательство чего-л., пример

  • Ананий Лоҥкуудаҕа көһүү туһалааҕын туһунан элбэх үтүөкэннээх холобурдары этэн дакылаатын түмүктээтэ.
    М. Доҕордуурап
  • Тэҥнэбил холобуру ылабыт: оччотооҕуга көлөнөн ыһыллар бааһына оройуон билигин ити үлүгэр тиэхиньикэнэн ыһар сиринээҕэр икки төгүл киэҥ этэ.
    П. Егоров
  • Дьиэ кэргэн эйгэтэ оҕо майгытыгар-сигилитигэр сабыдыаллыырын көрдөрөр холобур үгүс
    ОАП ИиЭУО
Өссө холобурдар (4)
  • Олоххо, холобур, туох да суох Уу, салгын иккини солбуйуох.
    Күннүк Уурастыырап
  • Холобур, күһүн, үрэх баһыгар хаар түстэр эрэ, хаас киирбитинэн барар.
    Далан
  • Туох баар үлэбит нууччалар ньымаларынан баран иһэр. Холобур, мин сүгэ охсобун. Нуучча тэрээк сүгэтин үтүгүннэрэ сатыыбын
    М. Доҕордуурап
  • Этиллэр санааҕа ʽбуолуон сөп’, ʽбаҕар’ диэн сэрэйиини көрдөрөр. Θ Имеет оттенок допустимости, уступки, возможности: скажем, допустим. Холобур, эһиил эмиэ кураан буоллун
    М. Доҕордуурап

3 аат тыл #

ыан т. Саҥарааччы этэр санааларын бигэргэтэн, эбии быһааран, көрдөрөн биэрэр түгэнигэр туттуллар

Нууччалыы Говорящий использует высказываемую мысль в качестве выборочной иллюстрации для пояснения сказанного прежде: например

4 этии #

Нууччалыы Не имеющий равных в чём-л

Этиилэр

Холобура суох

туохха эмэ холооннооҕо, тэҥнээҕэ суох Түбэ нэһилиэгэр Сэпсики диэн туохха да холобура суох балай киһи баар.

  • Ыгытов таптыыр санаатыгар, Ити Нина -- оннооҕор сынтаҕар мунна туохха даҕаны холобура суох кэрэ!
    Н. Якутскай
  • Биир дойдулааҕа Филипп Лобанов холобура суох хорсун быһыытын утумнаан Василий Афанасьев сырдык тыына быһынна. "Кыым".

Холобурга сырыт

кимиэхэ эмэ холобур буол.

Служить примером для кого-л.

  • Бүөтүр бөһүөлэк ыччаттарыгар холобурга сылдьар үтүө оҕо буолта.
    Н. Габышев
  • Дэлэҕэ даҕаны "Ньукулаас курдук иистэнньэҥ", "Ньукулаас курдук асчыт" диэн дьиэ аайы кэпсэлгэ, холобурга сылдьыа дуо?!
    С. Никифоров

Кылаассык

холобурга сылдьар суруйааччы.

  • ВГМ НСПТ

«Х» буукуба