ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыҕай

туохтуур

Нууччалыы отодвинуть, сдвинуть, что-л. с места, придвинуть что-л. к чему-л

Ис хоһооно · 6
I

1 туохтуур #

Тугу эмэ туохха эмэ ыга анньан халбарыт, үтүрүйэ ас, турар сириттэн сыҕарыт

Нууччалыы Отодвинуть, сдвинуть, что-л. с места, придвинуть что-л. к чему-л

  • Айаан кыбыстыбыттыы умса көрөн, отун мүччү ууран иһэн, атырдьаҕа халтарыйбытыгар өйдөөн, тиэйии ортотун диэки сыҕайа аста. Софр. Данилов. Абыраамап утуйар хоһун түннүгүн өссө тэлэччи аһан, түүлүн эркиҥҥэ сыҕайда
    Л. Попов
  • Кими эмэ оннуттан сыҕарыйарга, көһөргө күһэй, үтүрүй. Θ Вытеснять, оттеснять кого-л. куда-л. Хомбуойдааччылар дьону баарса нөҥүө өттүгэр сыҕайдылар.
    Болот Боотур
  • Доропуун уонна Көстөкүүн быһа үүрсэн, ыһыытаан-хаһыытаан үргүбүт үөр сүөһүнү кутталлаах сиртэн улам тэйитэн, тыа саҕатыгар сыҕайан таһаардылар.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Этээччи аттынан дьон үтүрүһэ-үтүрүһэ киирэн, Катяны сыҕайан кэбистилэр
    Э. Соколов

2 туохтуур #

Сирэйгэ ыкса чугаһат, үҥүлүт (хол., сутуруккун)

Нууччалыы Совать (напр., под нос) что-л., тыкать (напр., в лицо) чем-л

  • "Дьэ, аны биирдэ чып диэн көр эрэ!" – дии-дии Серкин сутуругунан уол сирэйин сыҕайар.
    Н. Якутскай
  • Хачыкаат бөтүөхтүү-бөтүөхтүү туран кэллэ, кэлгиллэ сытар эрэйдээххэ хокуоскатын муннугар сыҕайда.
    И. Гоголев
  • Булумдьу, остуолга умса түһэн, саҥара олорбут: "Тойон Бадаайап уола, бэстилиэккинэн миигин сыҕайыма"
    Л. Попов

3 туохтуур #

Улам баһыйан бар, кэннигэр хааллар (хол., айылҕа көстүүтүн этэргэ)

Нууччалыы Вытеснить, прогнать что-л. (напр., о природных явлениях)

  • Туруйа уруйдуур хаһыытын Истээтин мин биллим эйигин, Кыыдааннаах кыһыны сыҕайан Өлүөнэм биэрэгэр кэлбиккин, Сааскы кэм барахсан!
    С. Данилов
  • Сарсыардааҥҥы хатан дьыбары сыҕайардыы, тыргыллаҕас сардаҥа -- сыыйа өрө чөмчөйөн таҕыста.
    М. Доҕордуурап
  • Халлаан, хараҥа солко быыһын өрө сыҕайан, сырдаан эрэрэ
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Кими эмэ сыыйа кэннигэр хааллар. Θ Оттеснить, отодвинуть кого-л. на второй план. Талааннаах эдэрдэр кэлэн, кинини биллибэтинэн улам-улам сыҕайан испиттэрэ
    П. Аввакумов

4 туохтуур #

Итэҕэһи, сыыһаны-халтыны кимиэхэ, туохха эмэ түһэр, көлбөрүт

Нууччалыы Переложить ответственность за что-л. на кого-л

  • Үлэһиттэр хамнастарын кэмигэр ылбаккалар, дьон ортотугар саҥа-иҥэ ырааппыта, кэлтэй салалта буруйугар сыҕайааччылар да көстүтэлиир этилэр.
    В. Яковлев
  • Киһи эдэр эрдэҕинэ -- туора-маары сылдьыбытын утарытынан умнан иһэр, кэнэҕэһин көннөрүөх буолан, туохха баҕарар сыҕайар, куотунар.
    Н. Лугинов
  • Ср. кирг. шыка ‘напирать’, п. -монг. сыҕа ‘выжимать’, МНТ шиха ‘сжимать, напирать, теснить’
II

5 туохтуур #

Киһини туох эмэ итэҕэһинэн эбэтэр туохха эмэ буруйдаан хомуруй, мөх, үөх

Нууччалыы Упрекать кого-л., попрекать кого-л. чем-л., колоть глаза кому-л. чем-л

  • Мин итини истээт хараҕым хараҥарбыта, кэргэннии буола иликпититтэн дьадаҥыбынан сыҕайаллар дии санаабытым.
    Н. Якутскай
  • Анарааҥҥылар Дьэкиими бандьыыттыы эҥин сылдьыбыт хараҥа аймахтарынан сыҕайан түөрэҥнэппиттэрэ.
    В. Гольдеров
  • Оҕону күрүөйэҕинэн сыҕайаргар хайдах тылыҥ өҕүллэр?
    ХС

6 этии #

Этиилэр

Сирэй сыҕай

сирэй-харах (сирэйгэ-харахха) ас диэн курдук (көр сирэй-харах).

  • Кини хотуна Балааҕыйа мөҥөрүттэн-этэриттэн, кыра да сыыһаны-халтыны була сатыы-сатыы сирэй сыҕайарыттан сүрэҕэ салыкына буолла.
    С. Никифоров
  • Кууска ойоҕо Мотуруона Уойканы санаатаҕын аайы сирэй сыҕайар.
    И. Оконешников
Өссө холобурдар (1)
  • Баһылай ойоҕо кинини оҕо курдук мөҕөрүн-этэрин, сирэй сыҕайарын кыйахана иһиттэ. У. Ойуур

«С» буукуба