ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыҕарыт

туохтуур

Нууччалыы отодвинуть, передвинуть, подвинуть кого-что-л

1 туохтуур #

Кими-тугу эмэ атын сир диэки ас, уур, көһөр

Нууччалыы Отодвинуть, передвинуть, подвинуть кого-что-л

  • сыҕарый диэнтэн дьаһ туһ. Кэнникинэн кинилэр күнү-түүнү да арааран билбэт буолбуттара, сылбалара быстан, сыылан ыла-ыла, аатын эрэ атахтарын сыҕарыталлара.
    Суорун Омоллоон
  • Көөстөөн, хачыгыраччы хаппыт сэбирдэхтэр тэлгэммит сирдэрин одуулаһа-одуулаһа, оргууй аҕай атаҕын сыҕарытар. Уустаах Избеков. Уйбаан, атаҕын сэрэнэн сыҕарытан, онтон сыыйа үөрэнэн, олбуорун таһыгар таҕыста, халдьаайытын хантайан көрдө. М. Тролуков
  • Серафим Тимофеевич күөрт ыттан ыраах туран хаһыытыыр: "Ыккын, баһаалыста, атын сиргэ сыҕарыт".
    М. Попов
Өссө холобурдар (2)
  • Тото-хана, өр олорон чэйдээн, ыллаан баран, аны остуолу дьахтар үксэ саба түһэн хомуйдулар, сылабаардаах остуолу муннукка сыҕарыттылар.
    Н. Габышев
  • Муҥхаларын тардан да диэн үөтэлээҕи сыҕарыппатылар, үс-түөрт хардыы эрэ сири хамнаттылар. Доҕордоһуу т

2 туохтуур #

Атын кэмҥэ эбэтэр атын сиргэ көһөр, анаа

Нууччалыы Перенести что-л. на другое место или время. [Уйбаан:] Онон ити көрдүүр сулуугуттан кыратык сыҕарыта түһүөххүн хайдах буолуо этэй?

  • Мэлдьи чэ, бэйи, мантан инньэ, эһиил, онтон эһиил диэн сыҕарытан испитим. Сэмээр Баһылай. Нууччалыы тылбаастанан тахсарыгар ол кэрчиги, ис хоһоонунан сөп түбэһэр сиригэр, поэма бүтэһигэр сыҕарытан биэрбиттэрэ
    Чолбон
  • Уларыт, атыҥҥа көһөр (хол., кэпсэтэр тиэмэни эбэтэр биир үлэттэн атыҥҥа). Θ Сменить (напр., тему разговора, работу). "Ити туһунан өссө уһуннук-киэҥник толкуйдуохха наада", – диэн баран, кэпсэтиини атыҥҥа сыҕарытта
    ХС

«С» буукуба