ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тайах

аат тыл

Нууччалыы крупный лесной зверь серого окраса с большими ветвистыми рогами, длинными ногами, лось, сохатый

English moose, elk

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Улахан адаар муостаах, бороҥ өҥнөөх уһун атахтаах, бөдөҥ тыа кыыла

Нууччалыы Крупный лесной зверь серого окраса с большими ветвистыми рогами, длинными ногами, лось, сохатый

  • Күн ортотун саҕана Кыараҕас үрүйэ төбөтүттэн аарыма атыыр тайаҕы туруордубут.
    Амма Аччыгыйа
  • Адаар муостаах атыыр тайах, Бөлкөй ыарҕаны силэйэн, Уу иһэ күөл диэки сиэлэр.
    Л. Попов
  • Лаҥкыы оҕонньор тайах чоҥкутун курдук толоос улахан атаҕын тус-туспа уурталаан, оргууй алтахтаан кэлбитин көрөн Хобороос дьиэтигэр ньимис гынан хаалла
    А. Сыромятникова

2 этии #

Нууччалыы Старый матёрый лось

Этиилэр

Аараҕай тайах (аар тайах)

кырдьаҕас улуу кыыл Аараҕай тайах суладыйбыт Арбах бэһин эркээйи оҥостон (дабайан истим).

  • С. Зверев.

Буур тайах

баараҕай атыыр тайах.

Матёрый лось-самец.

  • Ол куруҥ ортотугар Буур тайахтар Буралла сиэлэн иһэллэрин курдук, Буордаах сыгынахтар адаарыспыттар.
    С. Зверев
  • Үтүө нуучча киһитэ үөлээннээхпэр Буур тайах Модун муоһун бэлэхтиибин.
    И. Гоголев

Дуул тайах

дуолан тайах.

Огромный матёрый лось.

  • Туйгун булчут дьон Дуул тайаҕы кытта Тугунан да сырсаннар Тутуспаттара чахчы.
    П. Тобуруокап

Лөкөй тайах

сиппит атыыр тайах.

Матёрый лось-самец.

  • Лөкөй тайах, уҥуор харбаары, Дьухха буоларын кистээн кэтэһэр. Хамсаабат күлүгэ хайаҕа хараарар.
    Л. Попов

Ойдоох буурай тайах

адаархай улахан муостаах тайах.

Лось-самец с ветвистыми рогами.

  • Ойдоох буурай тайахтан Орулуос куһугар дылытын, Кыһыл эһэ адьырҕатыттан Кыыкы балыгар дылытын [бултуурум].
    С. Зверев

Тайах бараах

бараах бииһэ.

Улит большой.

  • Хара түөстээх, моонньуларыгар сэксэйбит маҥан түүлээх эһэ бараахтар дабдарыһаллар, араҕас уһун атахтаах тайах бараах кэрэ дьүһүнүттэн киэн туттубуттуу чоноллор.
    И. Гоголев

Тайах боллоруга

тайах үөһээ сыа уоһа (күндү минньигэс аһылык).

Верхняя жирная губа лося (редкое лакомство).

  • Уулуу турар тайах боллоругун Сиирэ хабар сиэмэх сордоҥноох Уһун сордоох эһэм олоҕун Иитимньитэ ити сордоҥноох.
    В. Миронов

Үөҥэс тайах

үс-түөрт саастаах тайах.

Молодой трёх-четырёхгодовалый лось.

  • Аан дойду иччитэ бу үс ини-биигэ анаан, кинилэр сүүрүктэрин билээри, үстээх үөҥэс тайаҕы дьиэлэрин таһыгар аҕалан кэбиһэр. Саха ост. I.

Эмньик тайах

биир сааһыгар сылдьар тайах оҕото.

Лосёнок по первому году.

  • Эргийэ хаамар ийэ дойдум иччитэ, Эт-сыа аһылыктаах, Эмньик тайах көлөлөөх, Элбэх кыыл иитиэхтээх Ытык Эдьилээн Куо эдьиийим, Аһаа, сиэ! Саха нар. ыр. I
    I. ТэҮҥн
  • : лөкөй, улуу кыыл. Ср. монг. токи ʻлосьʼ, кет. кай ʻлосьʼ
II

3 аат тыл #

Аҥаар илиигэ тутан, хаамарга тирэнэр мас

Нууччалыы Палка для опоры при ходьбе, трость, посох

  • Коловоротов аҕылаан киирэн иһэн тайаҕын мүччү тутан талыгыр гыннарда.
    Амма Аччыгыйа
  • Тайахха өйөнөн эбэтэр сыарҕаҕа тиэллэн киирбит дьоннор биир ый буолан баран үтүөрэн, туох да көмөтө суох хааман тахсаллар
    И. Данилов

4 этии #

Аттаах ойбоно, сатыы тайаҕа түөлбэ. – киһиэхэ барытыгар туһалыыр, абыраллаах (саҥа ыалы алгыыр алгыска тут-лар) Сатыы тайаҕа, Аттаах ойбоно, Аччыктаабыты аһатар Эһиги буолаарыҥ! С. Зверев.

Нууччалыы Сердобольный, отзывчивый, всегда готовый помочь другим (букв. прорубь для конного, посох для пешего – употр. в благопожеланиях молодожёнам)

Этиилэр

Аттаахтан кымньыытын, сатыыттан тайаҕын ылбыт

былыргы иҥсэлээх баайдар тустарынан.

У конного – плеть, у пешего посох отнял (о жадных ненасытных баях).

  • [Ньукулай:] Ити Байбал оҕонньор суохтан соролоон, дьадаҥыттан саралаан сатыыттан тайаҕын, аттаахтан кымньыытын ылан муспут баайын, үбүн ылан сиэн туһанаарыгын -- күтүөт оҕо буолан олорор сырайгын бар дьон көрбөттөр ээ!
    А. Софронов

Тайах-баттах бар

эһин-быһын (дьадайан, иэдээҥҥэ түбэһэн).

Пойти по миру (обнищав, попав в беду).

Тайахха киир

тайаҕынан сылдьар сааскар тиий (бүдүгүрэ кырый).

Стать престарелым (букв. входить в посох).

  • Бу дойдуга, эмсэх эмэр оҕо буолан үөскээн, тайахха киирэр оҕонньор буолуохпар диэри, мин биир санааны биһирээбитим.
    Суорун Омоллоон

Тайахха тэптэр

1) улаханнык ыалдьан, суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытан баран аматыйан, тайахтанан хаамар буол.

Ходить, передвигаться, опираясь на палку, с помощью палки после тяжёлой болезни.

  • Саҥардыы тайахха тэптэрэн иһэн, эт, миин иһэн, тымныы чохоон сиэн, эмискэ бэргээн өлбүт сурахтааҕа.
    А. Софронов
  • Мааппа эмээхсин тайаҕар тэптэрэн туран, оронугар тиийэн, саҥата-иҥэтэ суох улаҕа диэки хайыһан сыппыта. Күндэ; 2) бүдүгүрэ кырдьан тайаҕынан сылдьар буол. Ходить с помощью палки в старческом возрасте. [Нүһэр Дархан:] Элбэх эһэни хам баттаабыт Дүлүҥ сохсо бэл эмэҕирэн Иитиллибэт буолар, мин эмиэ кырдьан Тайахха тэптэрэрим чугаһаата.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Кырдьыга, кырдьыам турар... Мас тайахха тэптэриэм. С. Тарасов

5 этии #

Нууччалыы Чертополох

Этиилэр

Абааһы тайаҕа көр абааһы

  • Абааһы тайаҕа эрбэһин сараҕар төбөтүн илиитин таһынан булгу сөрөөн ылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Балаҕан кэннигэр өрдөөҕүтэ кии мунньуллубут томторун оҕотугар эрбэһин, абааһы тайаҕа, кучуппа уонна хатыҥ оттор сэтиэнэхтэрэ кубарыһа хаппыттар.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Саһыл икки кулгааҕар абааһы тайаҕын төрдүгэстэрин муос курдук кыбытан баран, үрэх түбэтин устун аргыый сиэлэн сэппэйэн истэ.
    П. Ламутскай

Маҥас тайаҕа

хатыылаах эрбэһин от Тайах абаҕата – маһы сиир хомурдуос.

Жук-дровосек.

Тайах мас көр тайах II

  • Түптүр Хара киирэн кэлэр, ыаҕас тоҥолохтонуулаах, тайах мастаах.
    Суорун Омоллоон
  • Таптал диэн, бадаҕа Тайах мас кэриэтэ.
    И. Федосеев

Тайахтаах сулус

күһүн киэһэ илин саҕахха көстөр мэндэҥэ сулуһа.

Орион.

  • Былыргы хараҥа сахалар халлааҥҥа уонча сулуһу чопчу ыйаллара, онон ыйдараллара – Үргэли, Тоҥус араҥаһын, Халлаан сиигин, Чолбону, Тайахтаах сулуһу, Үс мэндэги сулуһу – мин итилэри да араартаабаппын.
    Н. Габышев
  • Ср. др. -тюрк., тюрк., монг. тайах ʻпалка, посох, тростьʼ

«Т» буукуба