Перевод с якутского
иҥиннэр
Нууччалыы привязывать кого-что-л. к чему-л
1 #
Тугу эмэ туохха эмэ баай
Нууччалыы Привязывать кого-что-л. к чему-л
иҥин диэнтэн дьаһ. туһ. Дулҕаҕа иҥиннэрбиттэрин "тохтотуҥ" диэн хаһыы бөҕөнү түһэрэбин, истэр ыраас! Амма Аччыгыйа Түгэх истиэнэҕэ хохто буолбут тириини тоһоҕоҕо иҥиннэрбиттэр. М. Попов Миигин масыанньык дьыалатыгар иҥиннэрдилэр. Лена көмүһүн хостооччу табаарыстыбаҕа, мин илдьэн туттарбыт эппиттэн, арыыбыттан бассыыбай оҥоһууну булбуттар үһү. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
Табаларбын сэргэҕэ иҥиннэрэн баран, ыга тоҥмут киһи быһыытынан туох да эппиэтэ суох, мин балаҕан ааныгар ойон тиийдим. Н. Неустроев Тимофей Егорович тыытын тиит мутугар бөҕөтүк иҥиннэрээт, оҕонньору хостоһон таһаарар түбүккэ түстэ. Н. Заболоцкай Наартатын хамсаабат гына иҥиннэрэн баран, ыттар аһылыктарын бэрийдэ Н. Габышев
2 этии #
Нууччалыы Запомнить, запечатлеть в памяти
Этиилэр
Өйгөр (төбөҕөр) иҥиннэр
умнубат гына өйдөө Ол кэпсээни мин хаһан эрэ кумааҕыга киллэриэм дии санаабатаҕым, төһөтүн өйбөр иҥиннэрэн аҕалбыппын билбэтим.
Ээй, Коля диэн тойооску. Араспаанньатын төбөбөр иҥиннэрбэтэхпин. М. Доҕордуурап