Перевод с якутского
иҥэр
туохтуур
Нууччалыы вобрать в себя (жидкое), впитывать, всасывать. [Чороону] Өр да, өтөр да гымматаҕа
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Бэйэҕэр оборон ыл (туох эмэ убаҕаһы)
Нууччалыы Вобрать в себя (жидкое), впитывать, всасывать. [Чороону] Өр да, өтөр да гымматаҕа
Бүтүннүү бүтэрэн баран, Аал-уокка алла-алла Араҕас арыыны Истэри-тастары иҥэрдилэр, Саамал кымыһынан Сайа дьиппиниттилэр. Саха нар. ыр. II. Уу-уу, бэрт буолларгын, сир-сир тоҕо иҥэрэр?
Суорун ОмоллоонМаннык бэрт бэйэҕин Киэҥ далай – угут уу, эйигин Тапталлаах сир ийэм, Дьэ, тоҕо сиик гынан иҥэрэр? А. Абаҕыыныскай
2 туохтуур #
Аһы ыйыстан, сиэн куртаххар үчүгэйдик буһар
Нууччалыы Хорошо усвоить пищу
Үчүгэйдик иҥэрэн аһаа. Иллэрээ күн аһаабыт Искэр иҥэрбит аскын -- Төһө күүстээх күтүр эбиккин, Төлө мөхсөн көрүй?
П. Ойуунускай
3 туохтуур #
Бэйэҥ киэлигэр батар, киллэр
Нууччалыы Поместить, заключить, вместить в себя. [Муустаах муора өрүстэр] Киллэрэн биэрбиттэрин Кэтит киэлибэр иҥэрэн Кэһии гынан [кэлэн истим]
Элбэх киһини иҥэрэр стадион баара В. Яковлев
4 туохтуур #
миф. Ким, туох эмэ иһигэр киллэр (былыргы саха киһи иһигэр, дууһатыгар тугу баҕарар киллэриэххэ сөп диэн өйдүүрүттэн үөскээбит суолта)
Нууччалыы Вселять что-л. во что-л. (напр., душу в тело ребенка
По старым якутским представлениям в любой предмет можно вселить душу, а также в душу человека можно вселить все что угодно). Араҕас чэчирдээннэр, Алтан туоналааннар, Кыыс оҕо кутун Кыптыыйыгар иҥэрэннэр, Уол оҕо кутун Оххо иҥэрэннэр, Алгыы-абырыы олордун диэннэр, Анаабыттара эбитэ үһү...
П. ОйуунускайОйуун аҕалан илбис абааһыны Тиэтэйбиккэ иҥэрэрин кытта – Тиэтэйбит өрө мөхсөн битийбэхтээтэ, иирбит курдук буолла, туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох, таҥаһа-саба суох, мүччү туттаран таҕыста да Наахаралар диэки сүүрэн тэбэ турда. Эрилик Эристиин Түүнү быһа түрбүүтээн, кини [ойуун] Ньукууһа кутун төннөрөн аҕалан, син иҥэрэргэ дылы буолбута да, Ньукууһа үтүөрбэтэҕэ. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
[Нүһэр Дархан:] Киис Бэргэн кутун-сүрүн Иҥэрбит мас эмэгэттэрэ Мин иннибэр барыаран тураҕыт И. Гоголев
5 туохтуур #
Ордорунан бэйэҕэр илдьэ хаал, тута сырыт (хол., харчыны); ким эмэ тугун эмэ бэйэҕэр илдьэ хаал
Нууччалыы Оставлять себе излишек (напр., денег); освоить, прибрать к рукам
Оннооҕор аҕаҥ мунньан биэрбит баайын сатаан иҥэрбэтэх эрэйдээх буолбаккын дуо? А. Софронов Хас эмэ сылы мэлдьи рудниктарга, бириискэлэргэ баран үлэлээн хамнастарын иҥэрэн, хас да мөһөөк үптээх кэлбит дьон Эрилик Эристиин
6 туохтуур #
Өйдөө, өйгөр үчүгэйдик хатаа
Нууччалыы Запомнить как следует, усвоить
Эһээ киһи итэҕэйбэт, Эт мэйиитэ иҥэрбэт: – Ээ, чыычааҕыам, кумааҕыны Эн этимэ даҕаны! Ол-бу омун дойҕоҕу Оройдообот оҕонньорбун! П. Тобуруокап Эдэр учуутал, ыччакка билиини-көрүүнү иҥэрэргэ талаһар эрчимнээх киһи, онтон толлон-чаҕыйан турбатаҕа П. Филиппов
7 туохтуур #
Сүппэт-өспөт гына сөҥөрдөн сырыт (сүрэххэр-быаргар, өйгөр-санааҕар)
Нууччалыы Держать, хранить в себе, таить в глубине души
Ис санаатын иһигэр иҥэрэн, туох эрэ дьаат курдук куутуйалаан сылдьар.
П. ОйуунускайИйэ дойдуларын тыатын сытын бэйэлэригэр иҥэрбит оҕолор ханна да сир уларыйыахтара суоҕа. С. Ефремов Улуу сирдьит ытык сэбэрэтин астына көрүөх, үйэ тухары өйгө-сүрэххэ иҥэриэх баара. Ф. Софронов
Өссө холобурдар (1)
Норуот муудараһын үтүө майгытын этигэр-хааныгар иҥэрэн элбэх сыл устатыгар илдьэ сылдьыбыта И. Данилов
8 туохтуур #
, соло биэр
Нууччалыы Дать, присвоить (имя, звание)
Мантан ыла уолаттар бу бэлиэ чыычаахха "Трифон Трифоныч" диэн ааты иҥэрэн кэбистилэр. Амма Аччыгыйа Биэс уон сэттэҕэ Москватааҕы саха искусствотын фестивалын түмүгүнэн, Баһылайга ССРС народнай артыыһын аатын иҥэрдилэр.
Н. ЛугиновОл диссертацияны университет сэбиэтэ дьүүллэһэн баран 1881 сыллаах ыам ыйын отут күнүгэр киниэхэ естественнэй наука кандидатын аатын иҥэрбитэ. П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
Трофимовка уонна Васильевка -- Социалистическай Үлэ Геройдарын ааттарын иҥэрэллэр, кыһыл көмүс сулустары түөстэригэр иилэллэр И. Данилов
9 туохтуур #
иис. Иистэнэргэ таҥаһы тэҥнээн, ыпсаран сөп түбэһиннэр
Нууччалыы Подгонять, ровнять материал при шитье
Бу таҥаһы үчүгэйдик иҥэрэн тиктэххинэ сатанар