ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрилин

Нууччалыы иметь волнообразный изгиб, скручиваться, быть скрученным, витым, виться

I

1 #

Көнө буолбатах, эрийэ барбыт буол

Нууччалыы Иметь волнообразный изгиб, скручиваться, быть скрученным, витым, виться

  • эрий I диэнтэн бэй., атын. туһ. Былырыын күһүн Халаҥаатта муҥхатыгар көрсүөҕүттэн ыла, санаата өрүү ол дьахтарга эриллэр.
    Болот Боотур
  • Эриллэ-эриллэ дьэрэлийэ устар сүүрүктээх, ыраас уулаах Өлүөнэ уутугар өрөҕөлөрүгэр тиийэ киирэн, турунан кэбистилэр.
    И. Никифоров
  • Тиэстэ оһох кэннигэр муостаҕа турар, эриллибит эт бу баар.
    Н. Борисов
Өссө холобурдар (5)
  • Ыалдьыт түрбэлии эриллибит кумааҕыны сиэбиттэн ороон ылан, Курильга уунна. С. Курилов (тылб.)
  • Ити аата кини эриллибит соҕотох муостаах саадьаҕай ынаҕын кытта этиһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Аһаҕас сиргэ үүммүт хатыҥы куруутун тыал мускуйар буолан, төрдүн сааһа эриллэн хаалар.
    Суорун Омоллоон
  • Уот кыһыл төлөнө лиэнтэлии эриллэн, үөрүнньэҥ кыымнарын үөлэс үүтүнэн үрэр.
    М. Доҕордуурап
  • Оттон суол субулла эриллэрэ
    И. Эртюков

2 #

Туох эмэ улахан уустуктары, тургутууну аас, эрилин-мускулун, бус-хат

Нууччалыы Пройти через серьёзные испытания, закалиться

  • Биһиги аармыйа кытаанах олоҕор эриллибит дьоммут.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини дуобакка үгүс хатыһыыларга сааһын тухары эриллибит кырдьаҕас оонньооччу этэ.
    Далан
  • Тимир уһаарыллан тимир буолар, уол оҕо эриллэн эр бэрдэ буолар.
    И. Сосин
Өссө холобурдар (1)
  • Кини дьону-сэргэни кытта бодоруспут, үлэҕэ-хамнаска эриллибит, элбэҕи аахпыт, билбит уол этэ
    Т. Находкина

3 этии #

Нууччалыы Испытывает тошноту (букв. сердце скручивается)

  • эрий II диэнтэн бэй., атын. туһ. Кэбис, мэлдьэһэн кэбиһиэхтэрэ, бэйэбэр эриллиэхтэрэ.
    Болот Боотур
  • Онон, буруйга эриллэртэн босхолонуом диэн бүк эрэнэн кэбис.
    И. Гоголев
  • "Аны илиитин-атаҕын тоһутан, ааранан биһиги эриллэ сылдьыахпытһ, – диэбитэ Мүчүк.
    Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
  • Мин эдэр эрдэхпинэ манныкка майгынныыр дьыалаҕа эриллэ сыһан турардаахпын.
    ЭКС ТБТ

Этиилэр

Сүрэҕэ эриллэр

сүрэҕэ мөхсөр, хотуолаары гынар Галя сыыспытын өйдөөн, этин сааһа аһылынна, сүрэҕэ эрилиннэ.

  • Кыыс наһаа элбэх сакалааты сиэн сүрэҕэ эрилиннэ. Күрүлгэн.

Эрийэ (эриллэ) хат көр эрий I

  • Эриллэ хаппыт оҕонньор дьиэ ортотугар өкчөрүс гына түспүт.
    Ф. Постников
  • Улахан уолаттар үүт-үкчүлэрэ, эрийэ хаппыт, иҥиир-ситии этилэр. "Чолбон"

«Э» буукуба