Перевод с якутского
уос-тиис
аат тыл
Нууччалыы губы и зубы, окружность рта
1 аат тыл #
Айах, айах иһэ, таһа
Нууччалыы Губы и зубы, окружность рта
Үрэкиин, бэйэтэ соччо үөрбүт-көппүт дьүһүнэ суох олорон, уоһун-тииһин туора-маары сотунна. Болот Боотур Иһит-хомуос, уос-тиис тыаһа биир кэм өрө куугунуу олордо. “ ХС
2 аат тыл #
Сытыы тыл-өс, кириитикэ
Нууччалыы Острый язык, критика
Кини тоҕо итинник уоһа-тииһэ суох дакылааты оҥороро сэрэйиллэр. Софр. Данилов. Кэпсээнэ киирдэҕинэ эрэ уоһа-тииһэ сытыыланан, хараҕа уоттанан, уларыйан, сэргэхсийэн кэлэр Р. Кулаковскай
3 этии #
Нууччалыы Срывать девичьи поцелуи
Этиилэр
Уос-тиис былдьас
кыргыттар сыллааһыннарыгар тигис Уос-тиис оҥостор (быһыы-тутуу быакайар) – 1) киэргэнэр, оҥостор, үтүөмсүйэр (кыргыттар, дьахталлар тустарынан).
Прихорашиваться, наряжаться, краситься (о девушках, женщинах).
Убуорунай хоһугар Уоһун-тииһин оҥостон обуйданна.
Өксөкүлээх ӨлөксөйМааны кыыс -- уоһун-тииһин оҥостуммахтаата. Н. Заболоцкай; 2) дьоһуннаах кэпсэтиигэ бэлэмнэн. Готовиться к серьёзному разговору. Хотуттар тугу эрэ сипсистилэр, уос-тиис оҥоһуннулар. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Оҕонньорбор этээри Уоспун-тииспин Оҥостон ахан биэрэрим. П. Тобуруокап
Уос-тиис салас (тииһин)
уопсай аһылыкка кыратык тигис.
Принимать участие в еде.
Сыбаайба аһыттан уос-тиис салаһарга бүк эрэллээх. С. Федотов [Мииккэ:] Хата тыатааҕыны кытта кус үллэстэн, уос-тиис тииһиммит киһи диэн эн эбиккин. С. Маисов
Өссө холобурдар (1)
[Идэһэҕэ] уос-тиис тииһинэн, биһиги да ол онтон [үөрүүттэн-көтүүттэн] хаалсыбатахпыт. ИМС ОС
Уос-тиис сотун
аас-туор кэмҥэ туох эмэ кыра да аһы булунан, онно тигис, тииһин.
Находить небольшой источник пропитания во время голода, нехватки еды.
Сааскы быстарык саҕана саха дьоно, уос-тиис соттоору, маассабайдык куйуурдууллара. Багдарыын Сүлбэ. Сэрии -- бэйэлэрэ да нэһиилэ холкуостарыттан, бар дьонноруттан уос-тиис соттон олорбут Сивцевтар дьылҕаларын өссө ыараппыта. “Кыым”