ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

курдааһын

аат тыл

Нууччалыы круг, окружность чего-л., окружение

1 аат тыл #

Туох эмэ эргимтэтэ, төгүрүктээһин

Нууччалыы Круг, окружность чего-л., окружение

  • Илиҥҥи улуустар эргийэр үөстэригэр соҕотоҕун түөлбэлэнэн хаалбыт дэриэбинэҕэ уот курдааһыны туоратан сибээһи тиэрдии - дьэ бу баар боппуруоһа.
    Н. Якутскай
  • Саха сылгылара эт мөҥүрүк буоланнар, курдааһын кээмэйдэрэ [монгол киэниттэн] сүүрбэ-отут сэнтимиэтир ордон иһэр
    М. Чооруоһап

2 аат тыл #

геогр. Айылҕаларынан, үүнээйилэринэн, кыылларынан, салгыннарынан сири эргийэ барар атылыы килиимэттээх дойдулар балаһалара (курдааһыннар сүнньүнэн арҕааттан илин сыталлар)

Нууччалыы Пояс (географический)

  • Географическай курдааһыннар истэригэр даҕаны айылҕа атын-атыннааҕа бэлиэтэнэр. КВА МГ

3 этии #

Курдааһын бириэмэтэ - аан дойдутааҕы сөбүлэһиинэн Сир үрдүн меридианнарынан сүүрбэ түөрт чааһы курдааһыныгар үллэрии Хас биирдии курдааһын ыаллыы курдааһынтан биир чааһынан уратыйар. САИ ССРС ФГ

Нууччалыы Часовые пояса

«К» буукуба