Перевод с якутского
хатыс
аат тыл, туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы кожаный ремень; пояс; ремень
English leather strap; belt
Ис хоһооно · 10
1 аат тыл #
Нууччалыы кожаный ремень; пояс; ремень
English leather strap; belt
хатыһынан кэлгий стянуть кожаным ремнёмto bind with a leather strap
2 туохтуур #
Бэйэ-бэйэҕэр эрилин, иилиһин
Нууччалыы Спутаться, перепутаться, сплестись (напр., о нитках); вцепиться в кого-что-л
Араадьыйа боробулуохалара хатыспытын ураҕас маһынан араара сылдьан, сиһин этэ быһынна. С. Тарасов Турахин, уҥуоҕа салыбырыы-салыбырыы, Бурхалейтан тардыһан хатыспытынан туран кэллэ. Эрилик Эристиин Таастыганнар тиэрбэстэрэ бары биир кээмэйдээх буолаллар, оччоҕо бэйэ-бэйэлэриниин хатыспаттар. Хомус Уйбаан. Көлүүр ыттара -- тыһы ыт кэнниттэн ыстанабыт диэн быаларыгар хатыһаллар. В. Санги (тылб.)
3 туохтуур #
Кими, тугу эмэ кытта тэҥҥэ, бииргэ, араа-бараа буол
Нууччалыы Быть вместе, идти рядом, находиться в единстве (по жизни), соединяться
Володялаах Гоша оҕо эрдэхтэриттэн тэҥҥэ хатыспыт дьон.
Н. ЛугиновҮлэ-үөрэх тэҥҥэ хатыһан сиэттистилэр. М. Доҕордуурап Сытыы тыал, сыыдам сырыы бииргэ хатыстылар И. Данилов
4 туохтуур #
Кими, тугу эмэ кытта киирис, күрэс былдьас
Нууччалыы Состязаться, тягаться, сцепляться с кем-л
Араас күчүмэҕэйдэри кытта хатыһан, бу маннык кыайыыга кэллибит.
Л. ГабышевБиһиги, сахалар, төрүт өбүгэлэрбит тыйыс айылҕа араас эриирдэрин-мускуурдарын кытары хатыһан үөскээтэхтэрэ. С. Никифоров Бэрт өр сүүрүктүүн хатыһан, ийэ-хара көлөһүнэ сарт түһэн, Оппоос адьас ыксаабытын кэннэ кытыл чугаһаатар чугаһаан истэ. ХС
Өссө холобурдар (1)
Эдэр саахыматчыттар Игорь Бутаков, Кеша Малышев, Таня Пахомова кырдьаҕас оонньооччулардыын тэҥҥэ хатыстылар Кыым
5 туохтуур #
Кими эмэ кытта туохха эмэ киирис, этис
Нууччалыы Ссориться, спорить с кем-л., придираться, цепляться к кому-л. [Сыҕаайап] харса суоҕар түһэн, бэйэтэ ыйыталаһар, баайсар, хатыһар
Таракаанап завуч буолаат, Андрей Кузьмиһы кытта хатыһан турда. Далан Дьиэлээх киһи -- үлэтигэр кини кыр өстөөҕө, өр сыллаахтан хатыспыт, эрийсибит, үҥсүбүт-харсыбыт киһитэ Н. Габышев
6 этии #
Нууччалыы Упорно, усердно
Этиилэр
Хатыһан туран
дьаныардаахтык, дьүккүөрдээхтик Андрей Наумов уонна Федя Фёдоров күнү быһа хатыһан туран саахыматтаан тахсаллар.
Аҕам айылҕаны олус билэр, хатыһан туран үөрэтэр. В. Бианки
Хатыһа өһүө
дьиэ үрдэ тутулуктаах, бөҕө буоллун диэн туора ууруллар өһүө.
Потолочная балка, укладываемая поперёк для прочности и долговечности строения.
Аҕыс миэтэрэ усталаах өһүө кэдэйбэккэ эрэ хотон үрдүн, даҥын, түһэр хаары-ардаҕы хайдах уйуой? Дьэ, ол иһин булан ыллыбыт эбээт биһиги хатыһа өһүөнү. В. Яковлев Тэлээтинньик көҥдөйө ыанньык хотонун көҥдөйүгэр маарыннатан, хатыһа өһүөлээн оҥоһуллар. СГК ТҮЧ
7 аат тыл #
Сүөһү тириититтэн тэлэн оҥоһуллубут быа (үксүгэр хатыллыбыт)
Нууччалыы Кожаная верёвка, верёвка из полос кожи (обычно плетёная)
Хатыс тиийбэт хаһаланан, Дьирим тиийбэт дьилбэктэнэн, Холум тиийбэт хоҥнуоланан, Күндү-үтүө көрүҥнэнэн -- Күн сиригэр үөскээбитим. С. Зверев Милиционердар Чорууну ороҥҥо бүк баттаатылар, көкөҕө ыйанан туран хатыһынан кэдэрги кэлгийдилэр. И. Гоголев Тирииттэн тэлиллибит хатыстары, сиэлтэн өрүллүбүт көнтөстөрү салҕаталаан, балай да уһун быа оҥордо И. Никифоров
8 даҕааһын #
суолт. Тирии, тирииттэн тэлиллэн оҥоһуллубут
Нууччалыы Кожаный, скрученный, сплетённый из кожаных полос
Сыалдьалаан, мутугун солоон, чыпчаалын быһан баран, хатыс өтүүнэн быалаан Сиидэр -- таһаҕасчыт атынан бу манна ньылбы состорон киллэрбиттэрэ.
Н. ЛугиновКиргиэлэй дьэ наҕылыйан, хатыс курун сүөрүннэ. И. Никифоров Оҕус бурҕалдьытын хатыс быанан кэлгийэллэр КИИ СТ-
9 этии #
Нууччалыы Мчать, мчаться во весь опор
Хатыс (хатыстыы) ууннар (уун) кэпс. – аккынан олус түргэнник (сыһыллан иһэр хатыс уунуор диэри) сүүрт (сүүр) Кинээс Өлүөскэтэ бандьыыттарга атынан хатыс ууннара турбут. И. Никифоров Аттарын үрдүгэр түһэн үс аҥыы хатыстыы ууннардылар. Ф. Постников Аттар хатыстыы ууннулар Харса суох сүүрүүгэ. Э. Багрицкай (тылб.)
10 этии #
Нууччалыы Близкое расстояние, равное одному шагу (букв. длина ремня-повода)
Этиилэр
Хатыс устата
биир хаамыы, хардыы устата Тэһиин да устата Тэйсэр диэни билбэтэх, Хатыс да устата Хаһан даҕаны Хаалса түспэтэх Атастыылар ити курдук Арахсаллар соһуччутук.
М. Ефимов