ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кирис

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы тетива

English bowstring

Ис хоһооно · 11
I

1 #

кир I диэнтэн холб. туһ. Уол эһэтиниин кус уҥуоҕун киристэ

2 #

Сэрэнэн тиискинэн ытырталаа

Нууччалыы Осторожно, слегка погрызть что-л

  • Киис өр эргийэ хаамар эбит, эттэн кыратык кирсибит. В. Санги (тылб.)

3 #

Өсөһөн, турунан туран, тугу эмэ биири эрэ гын; арахсыбакка охсус

Нууччалыы Крепко вцепиться во что-л.; отчаянно драться. [Күтэрдэр] Орбуус хаҕын Былдьаһаннар кирсэллэр

  • Формуляры кирсэн буһар-хатар
    Н. Габышев
  • Кимниин, туохтуун эмэ хапсыһан, мөккүһэн таҕыс. Θ Бороться, спорить отчаянно. [Кинилэр] бэйэ-бэйэлэрин кирсиэхтэрэ. О. Сулейменов (тылб.)

4 #

сөбүлээб. Тугу эмэ биири эрэ гынан таҕыс

Нууччалыы Делать постоянно одно и то же. Үлэбитигэр кумааҕыны кирсэн тахсабыт. Ити баар романтикаҥ!

II

5 #

кирий диэнтэн холб. туһ. Кини муннукка кириспит аҕабыыттаах ойууну ыкта-түүрдэ. Амма Аччыгыйа. [Эһэ оҕолоро] кириһэн хаалбыттара. Р. Кулаковскай. [Саллааттар] Днепр уҥуоргу биэрэгин манаан кириһэн сыталлар. Г. Колесов

III

6 аат тыл #

Туох эмэ (ох саа, айа, чааркаан) чаачарын тардар хатыллыбыт тирии быа

Нууччалыы Тетива (лука, самострела, чаркана)

  • Уол ох саа -- кирсин кулгааҕын эминньэҕэр тиийэ тардар.
    Саха фольк
  • Ох саа кирсин тардар буолуохпуттан Баай байанайы алгыырга үөрэммитим.
    И. Гоголев
  • [Аттар] Айа кирсинии ууннулар, Ахсымнык кыырайа ойдулар.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (3)
  • Муҥутуурдук чиккэс гынаат, Быһа барар айа кирсэ
    С. Тарасов
  • Хатыллыбыт тирии быа. Θ Крученая кожаная веревка. [Чукаар тулатыгар] эргэрбит кирис, куһаҕан-иһэҕэн быа-туһах ыһылла сыталлара.
    Л. Попов
  • Оҕо [чааркаан оҥостоору] эбэтигэр кирис хаттарар
    Болот Боотур

7 аат тыл #

Сүөһү кутуругун төрдүнээҕи быччыҥа

Нууччалыы Мышца у основания хвоста крупного рогатого скота, лошади

  • Төрөөрү гыммыт ынах -- синньэ дыгдайар, кирсэ быста сымныыр. ГНИ СҮөТ. Биэ [төрүүрэ чугаһаатаҕына] самыытын этэ, кирсэ быстар, уолан түһэр
    ГНИ СҮөТ
  • Бу күһүн ити оҕо бэртээхэй кирис өтүүнү сүтэрбитэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Оҕонньор кирис муоһатын такымыгар кыбытан баран, -- кэпсээн барда.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • ["Халбас хараҕа"] оонньооччу чиккэччи тардыллыбыт кирис быаҕа олорор. ӨОо. Тюрк. кириш, кереш

8 аат тыл #

Көтөр кынатын иҥиирэ

Нууччалыы Мышцы крыльев птицы

  • Мин дьоллоох кирсин быспыт кус курдук манна сатыылаан хааллаҕым
    А. Софронов

9 даҕааһын #

суолт. Сүөһү тириититтэн хатан оҥоһуллубут

Нууччалыы Сделанный из крученой кожи

10 этии #

Нууччалыы Смотри, не надорвись (говорят, обращаясь к хвастунам)

  • Кирсиҥ быстаарай (үгэрг.) - сэрэн, туох эмэ буолан хаалаайаххыный (киһиргэс киһиэхэ) Киһиргиибин диэн кирсиҥ быстаарай (өс хоһ.). [Ньургун Боотур:] Кирсим быстыа диэн, Кирийэн-чугуйан сыттаҕа дуу?!!
    П. Ойуунускай
  • Кини кирсэ быстыар диэри киһиргии-киһиргии -- бандьыыттаабыт.
    И. Никифоров
  • Киһиттэн кириһинэн улахан (ордук) - кимнээҕэр да улахан, үрдүк уҥуохтаах, үчүгэй, күүстээх-уохтаах. Θ Выше ростом любого человека, лучше, сильнее любого. [Кулун Куллустуур] Киһиттэн кириһинэн ордук, сахаттан саалынан ордук. ПЭК ОНЛЯ II. [Муос Нооноҕой] Киһиттэн кириһинэн улахан, Сахаттан санаатынан үрдүк. П. Ядрихинскай

11 этии #

Нууччалыы Хвостовая мышца ослабла (признак скорого отела)

Этиилэр

Кирис им көр им

  • Кирсин быспыт - кутуругун төрдө уолаҕастанан, төрүүрэ чугаһаабыт (ынах туһунан) Намылҕа эмээхсин Эриэнчиги, кирсин быспыт диэн, -- далга хаайбыта. Софр. Данилов. Лүүсэ Күннэйэ [ынах аата] кирсин быспыт.
    В. Яковлев
  • "Ураанайбын көрүөм, кирсин быспыт этэ", - диэбитэ.
    ЖЕ АЭӨ

«К» буукуба