ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өтүү

аат тыл

Нууччалыы длинный ремень, веревка

English rope

1 аат тыл #

Сыарҕаҕа тиэллибит таһаҕаһы кэлгийэргэ аналлаах уһун быа

Нууччалыы Длинный ремень, веревка (для увязывания клади на возах)

  • Хатыс өтүү. Кирис өтүү. Үс үөстээх өргөн өтүү.
  • Үтүө санаа өтүүтээҕэр көмөлөөх (өс хоһ.). Өкүлүүн оҕуска муус тиэйэн таһааран, өтүүтүн сүөрэн эрэр эбит
    Амма Аччыгыйа

2 этии #

Нууччалыы Краснобай (букв. из песка веревки вьет)

  • (Кыһыл) кумаҕынан (тылынан) өтүү хатар - олус уус тыллаах Кумахтан өтүүнү хатар Кураанах тыл маастардара, Кумааҕынан ыһыахтанар Бүрүкүрээт ааттаахтара Чэхээн - туйгун салайааччы, Тиэхээн - дьоһун солбуйааччы.
    Күннүк Уурастыырап
  • Онтукалара баара, Алексей Ивановичтара, кырдьык да, кыһыл тылынан кыайан өтүүнү хаппат киһи эбит. В. Ойуурускай

«Ө» буукуба