Перевод с якутского
быа
аат тыл
Нууччалыы свитая из лошадиной гривы веревка или кожанный ремень, шнур, тесемка
English rope, belt, cord, ribbon
1 аат тыл #
Сиэлтэн, тэлиллибит тирииттэн о. д. а. өрөн, хатан оҥоһуллубут өтүү, эбэтэр тирииттэн тэлиллэн ылыллыбыт кур, тирбэҕэ
Нууччалыы Свитая из лошадиной гривы веревка или кожанный ремень, шнур, тесемка
Алдьаммыт хайыһарыттан быатын ылан, бүтүнүн кыбынан баран кини [Тогойкин] тоҥуу хаары кэспитинэн барда. Амма Аччыгыйа Ыттар уһун быаҕа, буочахха, иккилии гына тиһиллибиттэр. Н. Заболоцкай “Кырдьык даҕаны, таһырдьа ампаарга сээкэй быа тоһоҕоһо элбэх буолуо, бул ээ онтон”, - диэтэ Тоокуй
Күндэ
2 аат тыл #
Туох эмэ (үксүгэр, куһаҕан) буолар төрүөтэ, биричиинэтэ, сылтаҕа
Нууччалыы Причина, повод чего-л. (преимущественно дурного)
Абам-сүттүм эбит!!! Өлөр быатыгар, Өйбүн сүүйтэрэн, Суорума соруктаммыт Сорум эбит.
П. ОйуунускайАрай оҕом уолум эдэр, Онон сөбө суох диэх этэ. Айдаан буолуох быатыгар, Ону булан эппэтэҕэ. Күннүк Уурастыырап Дьиэлээх оҕолор онно [маарга] тиргэлииллэр эбит. Дьол быатыгар икки мороду түбэспит. И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Тюрк. баҕ, бау
3 этии #
Нууччалыы Недоуздок
Бас быата - тэһиинэ суох үүн (аты тутарга уонна баайарга аналлаах) Оҕонньор [Сыҕаайап кинээс] үөрбүт курдук, күрүөҕэ иилиллэн турар бас быатын сулбу тардан ылан атын тутан биэрдэ. Амма Аччыгыйа [Кулуба:] Чэ, чэ, аҕал, ат баһын быатын көрдүүбүн. Н. Неустроев Оҕус муннун быата - чурумчуга баайыллар, оҕуһу сиэтэргэ, салайарга уонна баайарга аналлаах быа, дөрө. Θ Веревка, привязываемая к кольцу, продетому в нос вола, бычий повод. Биир оҕус муннун быатыгар сэттэ Таҥхай баһа быстыбытыгар дылы. Саха фольк
Өссө холобурдар (14)
Оҕонньор төбөтүнэн умса да бардар, оҕусчаанын быатын ыһыктыбатаҕа. Н. Заболоцкай Сис быата - ат сыарҕатын биир ураҕаһыттан атын ураҕаһыгар сэдиэккэ үрдүнэн тардыллан баайыллар быа. Θ Чересседельник. Кыыс ымыттыбат, имигэстик туттан хомууту көннөрөр, сис быатын тардан биэрэр. А. Федоров Сүрэх быата - сүрэх хаҥас кутуйатыттан тахсар саамай улахан, сүрүн артерия, аорта. Θ Аорта. Тэнэко, билэбин: Сүрэҕин быатыгар Атын кыыска таптала Биһилэх буолбутун. И. Чаҕылҕан Тимир быа - тимир боробулуоха, тимир трос, тимир сыап. Θ Железная проволока, трос, цепь. Тиир көстөр окуопа хаспыттар Тимир быа ииччэҕин таппыттар. Күннүк Уурастыырап Тыраахтар кырдьаҕас, баараҕай тииттэри эрийии тимир быанан холбоно-холбоно, силистэри түөрэн суулларыта тардан соһон күрүлэтэр. М. Доҕордуурап Тимир быанан Сибээс олохтуу сыыллар, Синньигэс быа субуллар.
А. ТвардовскайТүөс быата - хомууту эпсэри тардар быа. Θ Супонь. Биир саха кэлэн аты тутуста, түөс быатын сүөрэн, дуганы төлөрүтэн сиргэ бырахта. Болот Боотур Ынах быата - сиэлтэн өрөн оҥоһуллубут ынаҕы баайар быа. Θ Веревка, свитая из конских грив. Хаҥас диэки оһох иннигэр Өксүүнньэ ынах быата хата олорор.
КүндэИйэлэрэ эрдэ туран Абырахтаах эргэ куулга Ынах быатынан кэлгийдэ. С. Васильев Этэрбэс быата - этэрбэһи бэрбээкэй үрдүнэн бобо баайар икки быа (этэрбэскэ тигиллэ сылдьаллар). Θ Два ремня для завязывания торбасов чуть выше щиколотки (обычно пришиваются к торбасам). Онтон тохтуу түһэн этэрбэһин быата сөллүбүтүн баана оҕустаҕа. Амма Аччыгыйа Хачыгыр көтөн түһэн дьиэ ортотугар тиийэн эрдэҕинэ, били аан аспыт уол эккирэтэн кэлэн, этэрбэһин соһуллан иһэр быатыттан үктээтэ. Эрилик Эристиин Аана оҕотун этэрбэһин быатын сөллүбэт гына кытаанахтык баайар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Быа балык - лапчааннара суох, чиэрбэ эбэтэр эриэн кыыл курдук уһун синньигэс балык. Θ Вьюн, минога, угорь. Ону [кыылы] көрөн баран, бу быа балык диэн быһаарбыттара. “Кыым”. Быа иэдьэгэй - мөлтөх хаачыстыбалаах, сынньылыйа сылдьар иэдьэгэй. Θ Тянучий, плохого качества творог. Ыалбыт биир ынахтаахтара саҥа төрөөбүт - уоһах алаадьыта итиэннэ быа иэдьэгэй сиэн хоннубут. И. Никифоров Быа иэдьэгэйдээх чэй иһэ түһээт, оскуолабытыгар сырсабыт. ХС Быа сыарҕа түөлбэ - атахтарын сыҥааҕар быанан туттарыы таба сыарҕата. Θ Нарта с креплением копыльев из ремней. Быа түспэтэх - айаас, айааһамматах. Θ Необъезженный (о лошади). Быа түспэтэх айаас ата наһаа ахсым буолан көлүйдэххэ муҥ тыынынан харбааччы. Эрчимэн. Сүрэхтэрин быата уһун - олус холку, нэс, сыылба, аахайымтыата суох. Θ Очень спокойный, медлительный, безразличный. Бырайыагы киллэрбитим ыраатта. Сытар. Управляющайдар сөбүлүүллэр. Кылаабынайдар дуо? Сүрэхтэрин быата уһун дьон. “Кыым”