Перевод с якутского
уоскуй
туохтуур
Нууччалыы становиться спокойным, успокаиваться, умиротворяться, утихомириваться
1 туохтуур #
Долгуйан, айманан бүт, холкуй, нам-нум буол
Нууччалыы Становиться спокойным, успокаиваться, умиротворяться, утихомириваться
Ытаабыт уол эмиэ уоскуйан, оҕолор ортолоругар сүүрэн моторуйа турда. Амма Аччыгыйа Арыый уоскуйан, омуннара ааһан баран, киһилэрин тула олорон, тугу көрбүтүн-истибитин дьэ кэпсэттэрэллэр. Н. Якутскай [Устудьуоннар] эмиэ ыһыы-хаһыы, күүгүнэһии, омуннуруу кэнниттэн сыыйа уоскуйдулар.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
Даша эмиэ уоскуйан, кэҥээн барда М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Намыраа, тохтоо
Нууччалыы Прекращаться, затихать, утихать
Хаһан да көрдөөх оонньуу Уоскуйбатын! Уостубатын! С. Данилов Оҕо ытыыра уоскуйда. Н. Заболоцкай Төлөн, күөдьүйэн күлүм гына сырдаат, эмиэ уоскуйда. В. Миронов
Өссө холобурдар (1)
Силлиэ уоскуйуохтааҕар эбии сэтэрбиккэ дылы С. Никифоров
3 туохтуур #
Туохха эмэ, ханнык эмэ дьыалаҕа ситиһиллибит көрдөрүүнэн, түмүгүнэн сөп буол, дуоһуй
Нууччалыы Успокаиваться на достигнутых в каком-л. деле результатах
Поляков хаһан да ситиһиллибитинэн уоскуйбат. Софр. Данилов. Аныгы киһи уон-сүүрбэ куһу өлөрөн баран уоскуйбат. Сорохтор сүүһү да өлөрдөхтөрүнэ уоскуйбаттар. Далан [Сорох салайааччыларбыт] эбийиэк былааҥҥа киирдин да, кылаабынайын оҥорбут курдук уоскуйан хаалаллар БГП ДьТ-СК