ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

наскый

туохтуур

Нууччалыы затихать, успокаиваться, замирать

1 туохтуур #

Чуумпуран, налыйан тур

Нууччалыы Затихать, успокаиваться, замирать (о природе)

  • Хаарыаннаах үчүгэй хампалаах нуоҕайдаах, Хатыҥ мас лабаата наскыйда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Намылыйан, наскыйан түһэн үчүгэйкээн да сарсыарда. Эчи, чэгиэнин, чэбдигин.
    Н. Лугинов
  • Күн чаҕыл сардаҥалара уу чумпу нууралга наскыйбыт сэбирдэхтэри, мутукчалары күлүмүрдээн көстөр лаах өҥүнэн кылабачыта сотоллор
    П. Аввакумов

2 туохтуур #

Бытааннык, биир тэҥник, оргууй аҕай хамсан

Нууччалыы Двигаться тихо, мягко, плавно

  • Кыыс уолга утары хааман наскыйан тиийэн көрдөһөн эттэ.
    Саха фольк
  • Кыталык кыылларым ыллаабыт, Кылбархай кырдаллаах алааһын, наскыйа, лаглайа хамсаабыт Наҥнаххай хатыҥнаах чараҥын.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сайыҥҥы дорҕооннор холкулар, астыктар, Оһоҕостоох толуу дьахтар Улуутук наскыйа хаамарын санаталлар
    И. Гоголев

«Н» буукуба