ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

намтаа

туохтуур

Нууччалыы снижаться, опускаться, терять высоту; садиться, заходить. [Кустар] оол-ол, хаарынан бүрүллэн субуруһан турар хайалар кэтэхтэриттэн мүччү түһээт, аллара намтаабытынан бардылар

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Үөһэттэн аллара сыыйа түс, аллара диэки сыҕарый

Нууччалыы Снижаться, опускаться, терять высоту; садиться, заходить. [Кустар] оол-ол, хаарынан бүрүллэн субуруһан турар хайалар кэтэхтэриттэн мүччү түһээт, аллара намтаабытынан бардылар

  • Хантан эрэ хойутаабыт сөмөлүөт кыһыл, күөх, үрүҥ үс хараҕынан имнэнэн, намтыы турда.
    Н. Габышев
  • Бэс ыйынааҕы сырдык ыраас күн кытара кыыһан, намтаан, киирэн эрэр
    А. Сыромятникова

2 туохтуур #

Урукку таһымҥыттан түс, аччаа, көҕүрээ

Нууччалыы Уменьшаться, понижаться (по величине, объему, количеству), опускаться

  • Өрүс уута намтаабыт.
  • Ампаар буора халыҥ эбит, сотору уу ылан, хаптайан, намтаан хаалбыт.
    Н. Заболоцкай
  • Туундараҕа тыал үстүү хонугунан быысаһааччы. Үс хонукка бүппэтэҕинэ алта хонукка, онтон онно тохтооботоҕуна тохсуһугар намтыыр буолара.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Төһөлөөх даҕаны талааннаах киһи бэйэтин үлэтин таптаабат буоллаҕына, оҥоруохтаах ситиһиитэ улаханнык намтыыр
    ОАП ОТХ

3 туохтуур #

Намыраа, уҕарый, мөлтөө (хол., тыас-уус)

Нууччалыы Стихать, смолкать, замирать (о шуме)

  • Дьон күүгээнэ улам намтаан, олорон-туран сааһыланан истилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Ынахтар маҥыраһыылара уонна ыанньыксыт дьахталлар айдааннара намтаан хаалла
    Эрилик Эристиин

4 туохтуур #

Дуоһунаскыттан аллара түс, дуоһунаскыттан кыччаа

Нууччалыы Понижаться в должности, быть пониженным в должности

  • Ол эрээри Егоровыҥ хаһан да намтаабат, биир тэҥ дуоһунастарга көһөн иһэр.
    Н. Лугинов
  • Кини [поэт] эдэригэр бэркэ аатырбыта, үрдүк дуоһунастарга да сылдьыбыттааҕа, арыт намтаабыт, улдьаарбыт даҕаны сыллардааҕа.
    Н. Габышев
  • Львов биирдэ сыбаанньата намтыы сылдьыбытын билэрэ.
    К. Симонов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. бур. намдаха ‘утихнуть’, монг. намсах ‘понижаться’, монг. навтайх ‘нагибаться, наклоняться, делаться низким’, тув. намдаар ‘утихнуть’

«Н» буукуба