ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

санньый

туохтуур

Нууччалыы опускаться, снижаться (напр., о птицах, летательном аппарате); клониться к закату

туохтуур

Намтыы аллара түс, намтаан бар

Нууччалыы Опускаться, снижаться (напр., о птицах, летательном аппарате); клониться к закату (о небесных светилах)

  • Кустар санньыйбытынан бардылар.
  • Күн арҕаа санньыйан, киэһэрэн барда.
    А. Софронов
  • Халлааҥҥа халыйбыт былыттар ыараабыттара, намылыһан аллара санньыйбыттара
    Далан
Өссө холобурдар (6)
  • Аллара диэки санньылый (хол., илии); умса тутун. Θ Свешиваться (напр., руки); опускаться на грудь (о голове человека). Сомоҕоллой, илиитэ санньыйан, тутан турар баһымньытын умса тайахтанан кэбистэ.
    Болот Боотур
  • [Кыыс эксээмэҥҥэ] улам төбөтө санньыйан истэ. Дьарамай санныларын кумуччу тутунна
    Н. Лугинов
  • санньыар I диэн курдук. Аныгы уол оҕо барахсан, Аан ийэ дайдым далбарыттан Арахсар күнүм кэллэҕэ диэн Санааҕа-онооҕо ылларан, Санньыйыаҕа дии санаабаппын.
    П. Ойуунускай
  • Сүрэ тостубут, уҥуохтаах тириитэ хаалбыт кырдьаҕас оҕонньор, тайаҕар өйөнөн суос-соҕотоҕун санньыйан турар этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Харахпыт уутун кыанаммыт, Хараастан, санньыйан турбуппут.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ср. монг. санжийх ‘висеть набок’, с. -юг. санйы ‘свешиваться вниз’

«С» буукуба