ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

луҥкур

туохтуур

Нууччалыы становиться пасмурным и тихим (о погоде), тихим, спокойным, затихать

1 туохтуур #

Луҥку быһыылан, былыттанан чуумпур (халлааны этэргэ); чуумпур, наскый (тыаны, сири-дойдуну этэргэ)

Нууччалыы Становиться пасмурным и тихим (о погоде), тихим, спокойным, затихать (о природе)

  • Халлаан луҥкурбут.
  • Оттоох уу атаҕар Көччөх кус маатыргыыр, Луҥкурбут күөл хараҕар Балык оонньоон чалымныыр.
    С. Васильев
  • Көстөр-көстүбэт күөх саҕахтаах туруу бараан дойду. Чураадыйа луҥкуран сытта.
    И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Улуу эбэ убаҕас уута луҥкурда, кыыспыт былыт хараҥаран барда
    С. Данилов

2 туохтуур #

Бүтэйдэнэн кыайан салгылаабакка сииккэ ыллар, сытый

Нууччалыы Отсыревать, гнить

  • От түгэҕэ луҥкурбут. ПЭК СЯ
    Я. Ср
  • эвенк. лунгур ‘вечер’

«Л» буукуба