Перевод с якутского
налый
туохтуур
Нууччалыы не торопиться, не спешить, становиться спокойным, неспешным
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Бытаар, холкугар түс, наҕылый
Нууччалыы Не торопиться, не спешить, становиться спокойным, неспешным
Табалара -- эмиэ да бытаара налыйан бараллар, эмиэ да дьулуруйа түргэнник түһэллэр. Амма Аччыгыйа Баһыкаан ыгылыйдаҕын ахсын Даарыйа өссө бытаарар, налыйар. Н. Габышев Нил Нестерович тугу эрэ суруйан бырдьыгыната олорон, Тихоны көрөөт, налыйан сэһэргэспитэ Н. Босиков
2 туохтуур #
Оргууйдук наллаан, дьоһуннаахтык хаамп, хамсан (киэҥ, халыйа сылдьар таҥастаах кэтит, киппэ киһи туһунан)
Нууччалыы Ходить, двигаться медленно, важно (о крупном, полнотелом человеке в широкой, просторной одежде)
Барыллыа тойон арай хааман налыйан кэлбит. Саха ост. I. Тойон-хаан [Тыгын] аргыый налыйан Бэрт Хара диэки хаамта. М. Ефимов Хаҥас диэкиттэн хааман налыйан кэлэр, Хатыҥ кийииттэриҥ ханналарый? С. Васильев
3 туохтуур #
Алларанан тарҕанан тэний (хол., былыты, буруону этэргэ); киэҥник тайаан нэлэһий
Нууччалыы Стлаться, распространяться по низу; тянуться, простираться
Симэхтээх киистэлээх синньэ күөх сэппэрээк сиринэн тэлгэнэн налыйда. Күннүк Уурастыырап Халлааны сабардыы халыйбыт най хара былыт сиргэ тиийэ налыйан турар. А. Бэрияк Буруо аллара диэки налыйар эбэтэр букатын сир үрдүнэн тарҕанар. МЛФ АҮө. Туймаада биир сүүнэ алаастыы көҕөрүмтүйэ налыйа сытар
Н. Лугинов
4 туохтуур #
Аллара санньыччы түс, намылый
Нууччалыы Свисать, спадать вниз
Ат сиэлэ-кутуруга сиргэ тиийэ налыйан турара. А. Сыромятникова Аллара налыйбыт адаар сиэллээх Атыыр сылгы биэлэрин күөйтэлээн, Атын алааска аһата илдьэр. Эллэй. Оҕурсу күөх отторо налыйбыттар. В. Короленко (тылб.)
5 туохтуур #
Бытааннык, сыыйа биир тэҥник сапсынан көт (кэтит, улахан кынаттаах көтөр туһунан)
Нууччалыы Лететь медленно, ровно, взмахивая широкими крыльями (о крупных птицах)
Улуу көтөр аллара налыйан, аттыбар кэлэн "пөс" гына түстэ. Т. Сметанин Өс киирбэх биир хаас сиргэ налыйбытынан барбыта Н. Якутскай
6 туохтуур #
Илиигин, атаххын босхо ыытан холкугар түһэн сыт, олор
Нууччалыы Обмякнуть, иметь расслабленный вид. [Баһылай] олоро түһүөн баҕарбыт курдук, өндөйөөрү гынан баран, төттөрү налыйан хаалла уонна илиитин арыычча хамнатан, сапсыйан кэбистэ
Александр -- оронугар таҥас курдук налыйан сытар. М. Доҕордуурап Ньургуһун утуйбуттуу налыйан -- хараҕын симэн сытара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кыракый княгиня -- кэлэн, кириэһилэҕэ оргууй налыйан олордо. Л. Толстой (тылб.)
7 туохтуур #
Тыаһа-ууһа суох үүт тураан буол, чуумпуран иһийэн тур (айылҕа көстүүтүн, күн-дьыл туһунан)
Нууччалыы Затихать, замирать, стихать, успокоиться (обычно о природных явлениях, погоде)
Мунду миинин курдук болоорхой бүтэй былыттаах, чуумпу, ичигэс күн налыйда. Н. Габышев Харыйа ойуур налыйда Халыҥ хаарга утуйда. Эллэй. Соҕуруу дойду хараҥа түүнэ налыйан турар. Т. Сметанин Тула барыта налыйда, нуурайда. Киэһэ буолла. А. Федоров
Өссө холобурдар (1)
Ср. монг. налах ‘прислоняться, опираться; наклоняться; перекашиваться’, монг. далийх ‘клониться набок, быть неодинаковым, несимметричным’