Перевод с якутского
налыгыр
даҕааһын
Нууччалыы тихий, безветренный
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
даҕ
Налыгыр, нуһараҥ киэһэ "Балыктаах" сайылыгын ыга кууста. М. Доҕордуурап Биир налыгыр, ичигэс сарсыарда балыыһаҕа сурук аҕалбыттара. А. Чехов (тылб.)
2 даҕааһын #
Чуумпу, нуһараҥ (күн-дьыл туһунан)
Нууччалыы Тихий, безветренный (о погоде)
3 даҕааһын #
Холку, намыын (киһи майгытын туһунан)
Нууччалыы Тихий, спокойный (о характере человека)
Сайаҕас налыгыр саҥаска -- Саамал кымыс оҥорторон, Сарсыардааҥҥа диэри Саатыыр буолуоҕуҥ.
Өксөкүлээх ӨлөксөйКырдьаҕас учуутал киһи бодотун хаайыы ыар усулуобуйатыгар букатын ыһыктыбатаҕа, саҥата-иҥэтэ ыллыктаах, майгыта-сигилитэ холку, налыгыр буолара. Далан Баар буолаллар ээ, Андрей Саввич Эллээйэп курдук үгүс кэпсээннээх, налыгыр киһи кута-сүрэ тэһийэр дьоно ХС
4 даҕааһын #
Субуруйбут, аллара түспүт
Нууччалыы Свисающий, спадающий вниз
Налыгыр сон. Ньалыка көҕүллээх, Налыгыр сиэллээх, Намылхай кутуруктаах -- Маҥан атыыр сылгыта обургу Күннүк Уурастыырап
5 этии #
Нууччалыы Передняя лавка, находящаяся напротив камина
Налыгыр орон (олох) түөлбэ. - кэтэҕэриин орон Мин эбэбиниин атахтаһан налыгыр ороҥҥо сытарбыт. И. Гоголев Биһирэм аһылыкка ыҥырыллыбыт бэйэтин дьонун, хаҥаластары дархан, налыгыр олохторго ыҥыртаабыта. Далан Ср. бур. налагар ‘пологий’