Перевод с якутского
холорук
аат тыл
Нууччалыы порывистое круговое движение ветра, вихрь
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Күүстээх тыал күөрчэхтии өрө ытыйан таһаарыыта
Нууччалыы Порывистое круговое движение ветра, вихрь
Холорук Уйбааскылаах бугулларыгар тиийэн, биир субурҕа бугулу бурайда. Амма Аччыгыйа Холорук биэрэк маһын кумалаан, Өлүөнэ өрүс киэҥ мындаатыгар түһэн, өрө оргуппута. Т. Сметанин Хамныыры-харамайы барытын күөрчэхтии көтүтэн барыах курдук, дохсун холорук тохтоло суох хаары өрө ытыйан сиксилитэр С. Никифоров
2 аат тыл #
Киһини долгутар улахан иэдээн, алдьархай
Нууччалыы Большая беда, бедствие, несчастье
Оттон кини [Каландаришвили] өлүүтэ кутурҕан холоруга буолан, биһиги сүрэхпитин быһыта кымньыылаабыта. ВНГ ГОПХ. Григорий Поскачин бэйээт быһыытынан үлэлии сырыттаҕына 1937 сыл холоруга ытыллан кэлбитэ. ХС Сэрии хас ыал алаһа дьиэтигэр, хас биирдии кэргэн дьоллоох олоҕор холоругунан киирбитэ ХС
3 этии #
Этиилэр
Холорук им көр им II
Биир маҥан am, алта хаардаах, уҥа кулгааҕар холорук имнээх. А. Софронов Ср. ДТС хасырху, тув. казыргы ‘вихрь, смерч’
4 аат тыл #
, эргэр. Үөһэ киһи уунан тиийэр сиригэр, оҥоһуллубут кыра долбуур (хол., таҥара күлүгүн туруорарга)
Нууччалыы Подставка или полочка, находящаяся на небольшой высоте (напр., киот, божница для икон). [Оҕонньор] уҥа муннукка кэрэниистээх, киэргэллээх үрүҥ кырааскалаах холорукка килбэһэн олорор көмүс таҥаралар диэки хантайан, кириэстэнэн сапсынна
Онно былыргы таҥара холоругар кинилэр үҥэ-сүктэ кириэстэнэ тураллар.
Суорун ОмоллоонТаҥара холоругар ыйаммыт кыраһыын лаампата сып-сырдыгынан сандаарар Айталын